Page 81 - Саха тыла 6 кылаас
P. 81

руссата киирбэтин диэн, олбуор аллараа өттө бүтэй гына
хаптаһын саайыылаах. Олбуор иһэ уурбут-туппут курдук
ып-ыраас. Туох барыта орун-оннугар баар: дьиэ утарыта
тэйиччи ньэмиэскэй муннуктаах ампаар, ону кытта кэк-
кэлэһэ булуус, сайыҥҥы күөстэнэр дьиэ. Оннооҕор хоту
ойдом турар хотон, таһыттан көрдөххө, хотоҥҥо маа-
рыннаабат, эмиэ ньэмиэскэй муннуктаах ампаар дьиэ.
Олбуор иһигэр эн сыыһы-бөҕү көрүөҥ суоҕа.

                                                                 (Далан, «Дьикти саас»)

                             Хатылааһын

         Аат тылы саҥа чааһынан ырытыы оҥкула

    1. Суолтата: ыйытыыта, тустаах тыл суолтата (киһи —
киһиттэн атын тыынар тыыннаах; барамай — өйдөбүл,
уопсай — анал).

    2. Тутула: олоҕо (төрүт — үөскээбит, сыһыарыыта; ат-
тарыы, ханыылаһыы.

    3. Арааһа: судургу аат тыл — тардыылаах аат тыл, си-
рэйэ (1, 2, 3).

    4. Ахсаана: судургу аат тыл (биир — элбэх); тардыы-
лаах (б/б-ҕэ, б/э-ҕэ, э/б-ҕэ, э/э-ҕэ).

    5. Түһүгэ (төрүт, араарыы, сыһыарыы, туохтуу, туттуу,
таһаарыы, холбуу, тэҥнии).

    6. Этиигэ ханнык чилиэн буолара (тутаах: туһаан, кэп-
сиирэ; ойоҕос: быһаарыы, толоруу, сиһилии).

              Аат тылы толору ырытыы холобура

    I. Саҥа чааһынан ырытыы
    Сэбин-сэбиргэлин хомунан, Сэбирдэх дьиэтигэр ба-
рарга тэриннэ.
    1. Тугун? — сэбин-сэбиргэлин. Тыыммат барамайы
бэлиэтиир, уопсай аат. 2. Ханыы тыл, иккис сорҕото

                                                                                                            81
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86