Page 78 - Саха тыла 6 кылаас
P. 78
Сирэй Биир ахсаан Элбэх ахсаан
1
-м (-ым): саам, сап- -быт (-пыт): саабыт, сап-
2
тарым; тарбыт;
3
-² (-ы²): саа², сап- -±ыт (-гыт, -кыт): сааһыт,
тары²; саптаргыт;
-та, -а: саата, сап- (-лар, -тар, -нар, -дар) + а:
тара. саалара, саптара.
Тардыы сыһыарыыта саҥа тылы, ордук тиэрмини үөскэ-
тэргэ көхтөөхтүк кыттыһар. Холобур: мурун дорҕооно,
сыстыы ситимэ, үрүҥэ (белизна), от күөҕэ, сылгы
хаһата, күн тахсыыта.
141. Түһүктээх ситими тардыылаах аат тыл ситими-
нэн солбуйан суруйуҥ. Холобур: олохтон/олоххо
уопут — олох уопута. Ханнык барыйаан ордугун
толкуйдааҥ.
Табахтан иэдээн, атынан/ат сүүрдүү, маҕаһыыҥҥа атыы-
һыт, дьарҕаттан эмп, үлэҕэ/үлэ иһин хамнас, суукка сурук-
сут, булка көҥүл, бултааһыҥҥа ситиһии, Майаҕа сайын,
куораттан/куоракка сонун.
Бу өйдөбүлгэ бас билээччи уонна бас билиллээччи араас
ахсааннаах буолар. Ити төһөтүттэн тутулуктанан, тардыылаах
аат тыл ахсаана түөрт араастанар.
142. Холобурда аҕалыҥ. Тардыылаах аат ахсаана хайдах
үөскүүрүн болҕойуҥ.
Биир биирдээҕэ: саам, сааҥ, саата.
Биир элбэхтээҕэ: сааларым, сааларыҥ, саалара.
Элбэх биирдээҕэ: саабыт, сааҕыт, саалара.
Элбэх элбэхтээҕэ: сааларбыт, сааларгыт, саалара.
78