Page 80 - Саха тыла 6 кылаас
P. 80

һалҕа, кыһалҕалар) аҕыйыахтааҕар элбииргэ дылы. 3. Анал
кафедра Хотугулуу-Илиҥҥи олорор омуктар (култуура,
култууралар) утумнаахтык үөрэтэр. 4. Сэрии уоттаах
сылларыгар Даайыс соҕотоҕун түөрт оҕотун (атах, атах-
тар) туруорбута. 5. Хас да тылы билии биһиги ыччат-
тарбыт кэтит (кэскил, кэскиллэр) буоларын төрөппүттэр
үчүгэйдик өйдөөн эрэллэр.

        Ырытаргар болҕой. Судургу уонна тардыылаах түһүктээһиҥҥэ
       туттуу түһүк 3 сирэйгэ үүт-үкчү халыыптанар (эмиэ кырамаатыка-
       лыы омуоньум). Холобур: атынан кэллим (ат + (ы)нан > атынан,
       ы — кыбытык); аҕам атынан (ат + а + нан > атынан, а — тардыы
       сыһыарыыта).

         146. Хаһыаттан аат тыл тардыы ситимэ сыыһа туттул-
                 лубут 3—4 холобурун булан көннөрөн устуҥ.

 147. Тардыылаах аат тылы ыйыллар халыыпка киллэриҥ.

    1. Биир ахсааҥҥа, 1 сирэйгэ, таһаарыы түһүккэ: ат,
аан, кырдал.

    2. Элбэх ахсааҥҥа, 2 сирэйгэ, туттуу түһүккэ: оҕус,
хотуур, тэтиҥ.

                         Ситимнээх саҥа

                  ДЬИЭНИ-УОТУ ОЙУУЛУУРГА ХОЛОНУУ

         148. Бэриллибит ойуулааһыны ааҕыҥ, хайдах сааһы-
                 ламмытын болҕойуҥ, бэйэҕит дьиэҕит-уоккут ту-
                 һунан кэпсэтиһиҥ.

    Уҥа өттүбүтүнээҕи ыалбыт — Уус Миитэрэйдээх.
Биһиги дьиэбит саҕа буолан баран, саҥа мас дьиэни
төбөтө чопчулаах эрэһээҥки олбуор төгүрүйэр. Ыал куу-

80
   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85