Page 79 - Саха тыла 6 кылаас
P. 79

Тардыылаах аат 3-с сирэйин тэҥнээн көрүү биир дьик-
       тилээх: үс халыып үүт-үкчү көрүҥнэнэр (кырамаатыка-
       лыы омуоньум). Холобур:
       убайым массыыналара — биир элбэхтээҕэ (хас да мас-
       сыына)
       убайдарым массыыналара — элбэх биирдээҕэ (биир мас-
       сыына)
       убайдарым массыыналара — элбэх элбэхтээҕэ (хас да/
       элбэх массыына)

 143. Ааҕаргар бэлиэтэммит тыл хас (биир, элбэх) барамайы
         бэлиэтиирин толкуйдаа. Этиигэ тирэҕирэргэ, тэҥнииргэ
         кыһан.

1. Дьоммут аҕалара үлэттэн хойут кэллэ. 2. Сарсыарда
эрдэ дьоммут аҕалара үлэлии бардылар. 3. Убайдарбыт
үлэлиир пиэрмэлэрэ мэччирэҥнээх алаастарга бааллар.
4. Убайдарбыт үлэлээбит пиэрмэлэрэ билигин иччитэх-
сийэн турар. 5. Оҕолоруҥ хаартыскалара табыллан тах-
сыбыт. 6. Улууспут бастыҥ үлэһиттэрин хаартыскалара
хас да дуосканы киэргэтэр.

 144. Тэҥнэнэр матырыйаалы суолтатынан көрүҥ: ураты-
         лаһыы баар дуо?

    Уу буочуката — буочука уута — буочукалаах уу — буо-
чука уу; от сыарҕата — сыарҕа ото — сыарҕа от.

              Тардыылаах аат тыл бэйэтэ туспа олох курдук көстөр. Ол
         иһин манна түһүк сыһыарыыта эбиллэр. Ону тардыылаах тү-
         һүктээһин быһыытынан ааҕыллар.

         145. Ускуопкаламмыт аат тылтан талан, тардыы сити-
                 мин оҥорон, этиигэ киллэрэн суруйуҥ.

    1. П. Ефремов Дьэһиэй күөлүн сахаларын уонна Тай-
мыыр дулгааннарын (фольклор, фольклордар) сыралаһан
сиһилии, дириҥник үөрэппитэ. 2. Тыа сирин дьонун (кы-

                                                                                                            79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84