Page 68 - Саха тыла 6 кылаас
P. 68

Ситимнээх саҥа

                   ХАМСЫЫР-ХАРАМАЙЫ ОЙУУЛААҺЫН

         122. Хамсыыр-харамайы ойуулуур тиэкистэри ааҕыҥ.
                 Бэйэҕит дьиэ көтөрүн туһунан ойуулааһын тиэ-
                 кистэ оҥорон кэпсэтиһиҥ.

                                     I. КУЛГААХТААХ

    Кулгаахтаах хаххан, мэкчиргэ, хаар эбэ бииһин ууһугар
киирсэр сиэмэх көтөр. Бу ааттаммыт көтөрдөртөн улахан-
нара, күүстээхтэрэ. Дьүһүннэринэн, быһыыларынан төһө
да чугастаһалларын иһин, кулгаахтаах уратытынан, аатын
курдук уһун кулгаахтаах. Төп-төгүрүк киэҥ эрилкэй харах-
таах, көпсөркөй кытарымтыйан көстөр түүлээх, тура сыл-
дьар икки чөрөллүбүт кулгаахтаах, иһин диэки токуруйан
киирбит сытыы баҕыа тыҥырахтаах.

                                                                     (Василий Тарабукин)

                                           II. КӨҔӨН

    Көҕөн саас эрдэ кэлэр көтөрдөртөн биирдэстэрэ. Сы-
һыыга, толооҥҥо өссө да хаардаах сыттаҕына, Маай бы-
рааһынньыга буолуон хас да хонук иннинэ, көҕөн кэлээччи.

    Сааскы кустартан саамай улаханнара, көстөр дьүһүнүнэн
кэрэлэрэ. Атыыр көҕөн төбөтө күөх баархат курдук килбэл-
дьийэн көстөр дьүһүннээх, кыһыл атахтардаах, хараҥатыҥы
дьүһүннээх араҕас тумустаах, моонньугар маҥан мойбор-
доох, куорсуннара араас дьикти дьүһүнүнэн килбэлдьийэн
көстөллөр. Хараҥатыҥы кугдархай түөһүн түүтэ сааскы
хагдаҥ окко олус маарынныыр. Ол да иһин от быыһыгар
олордоҕуна, адьас чугастан да көрбөккө ааһыаххын сөп.

                                                                     (Василий Тарабукин)

68
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73