Page 66 - Саха тыла 6 кылаас
P. 66

араас/арааһынай (түбүк, түбүктэр, түбүк бөҕө); тус-туспа/
тус-туһунан (ырытыы, ырытыылар); хас да/хас даҕаны
(иһит, иһиттэр, мас, туой, тимир иһиттэр); үгүс/элбэх/
үтүмэн (үлэһит, үлэһиттэр, үлэһит бөҕө).

         116. Устаргар -лар аһара туттуллубутун көҕүрэтэн, су-
                 ругу төһө кылгатыахха сөбүн толкуйдаан көр.

    1. Икки моторуспут саллаат уолаттар эккирэтиһэн
бураллан иһэллэр. 2. — Оттон мин балык итигэстиэм,
ойбоҥҥо күөрэйбит балыктары ылыталыам. 3. Кини сыл-
гы ол-бу чинчилэрин бэркэ билэргэ холунар. 4. Бары
улуустарга, нэһилиэктэргэ, дэриэбинэлэргэ дьоннор аны-
гылыы олороллор. 5. Үс-түөрт саһаан усталаах наарба
остуолга араас тимир куруускалар, тимир тэриэлкэлэр,
мас ньуоскалар барчаланан сыталлар. 6. Эҥин эгэлгэ
утарыта санаалар кииртэлээн бардылар. 7. Тыһыынчанан
уот лаампалар тырымнаһа умайаллар. 8. Үрүҥ баандалар
сэриилэрэ уотунан кымньыыланан, онно-манна оскуо-
лалары, балыыһалары күл-көмөр оҥорбуттара. 9. Айан-
ньыттар араас үгүс сүүрүктээх үрэхтэри, өлгөм оттоох,
ааттаах алаастары туораталаатылар.

         117. Олоҥхоҕо айыы бухатыырын дьүһүнүн-бодотун
                 ойуулууру үтүктэн хоһуйсуҥ.

       Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : уос, харах, тиис, бат-
       тах, хары, быччыҥ, сото, тарбах, атах, буут.

         118. Айылҕа көстүүтүн бэлиэтиир аат тылы киллэ-
                 рэн, ис хоһоонунан ситимнээх-сибээстээх 3 этиини
                 айыҥ. Холобур: Кэлин хаар хаста да хойуутук
                 түстэ. Былыт хамсаабат, устубат курдук. Күн
                 букатын көстүбэт. Таарыччы нууччалыы тыл
                 ахсаанын кытта тэҥнээн көрүҥ.

66
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71