Page 50 - Саха тыла 6 кылаас
P. 50
83. I. Бэриллэр кэрчиги көспүт суолталаах аат тыл төһө
киэргэтэрий?
Аны күһүн куолаһыҥ
Арыы саһыл ас кутуо,
Көмүс муора бу манна
Күөгэлдьийэ долгуйуо.
(«Толуу астаах туорааҕым» ырыаттан)
II. Биһиги хайдах дьон эбиппитий?
Саха — тииҥ мэйии, сир түннүгэ, көмүс илии.
84. Доҕор тыла. Ыытааччы этэр тылыгар оҕолор саа-
май «чугас доҕор» синиэньими булан этиэхтээхтэр.
Аймах — ... айылгы — ... алҕас — ... анал — ...
ардах — ... баттах — ... бостуук — ... дьаат — ...
моҕотой — ... куобах — ... сурах — ... элэк — ...
85. Маннык аат тыллар онтуоньум буолаллар дуо?
Ынах — сылгы, оҕо — оҕонньор, уол — кыыс, ньирэй —
тыһаҕас, дьол — иэдээн, олох — сэрии.
86. Кэккэҕэ омуоньум аат тылы киллэрэн суолтатын
бэлиэтээ. Холобур: ас (баттах) — (аһыыр) ас.
Арыы (ынах арыыта) — ..., баҕа (үөн) — ..., саас
(дьыл кэмэ) — ..., хаас (хамсыыр хара хаастаах) — ...,
моонньоҕон (кус) — ..., тайах (тирэх буолар мас) — ...,
үүт (ас) — ....
50