Page 45 - Саха тыла 6 кылаас
P. 45

• анал аат ити бөлөхтөн биир чопчу барамайы
арааран ааттыыр. Итиннэ киһи саҥатыгар-иҥэтигэр
чуолкайдаан этэргэ дьулуһара көстөр. Холобур: Сар-
гылаана, Улаанчык, Мохсоҕол, Туора Муос, Таатта,
Халымнаайы.

    Сорох анал аат уопсай ааттан тахсар, холобур:
сардаана Сардаана, күөрэгэй Күөрэгэй, ырыа

    Ырыа Ылдьаа, саха + мин > Сахамин, туоһахта
Туо´ахта.

Айымньы, кинигэ, хаһыат, сорох тэрилтэ аатын хабыычыкаҕа
ылары өйгөр хатаа: «Бигэ тыл», «Сааскы кэм», «Сырдык аар-
тык», «Кыым», «Бичик», о.д.а.

  74. Араас тэрилтэ кэлин сахалыы ааттанар буолла.
          Холобур, Дьокуускайга: «Саха ас», «Киэргэ», «Чо-
          роон», «Көмүлүөк» ... Олус бэрт! Оттон эн олорор
          сиргэр интэриэһиргээн көрдөххүнэ хайдаҕый?

                   Ситимнээх саҥа

                               ОЙУУЛААҺЫН

     Барамай (предмет) ураты бэлиэтин сиһилээн, дьүһүннээн
кэпсиир тиэкиһи ойуулааһын диэн ааттанар. Хайа да бара-
майы, сири-дойдуну, айылҕаны, үлэни-хамнаһы, хамсыыр ха-
рамайы, кыылы-көтөрү, киһини-сүөһүнү ойуулуохха сөп. Ойуу-
лааһын үксүгэр сэһэргиир тиэкис иһигэр көстөр. Туспа ойуулааһын
тиэкис сэдэх буолар.

     Ойуулааһын ханнык баҕарар истиилгэ киириэн сөп. Дьыа-
ла кумааҕытыгар, наука кинигэтигэр судургу ойуулааһын баар
буолар. Кэпсэтии истиилигэр, суруйааччы айымньытыгар уус-
уран ойуулааһын киэҥник туттуллар. Саха тыла ойуулуурга,
хоһуйарга олус дьүөрэ тыл.

                                                                                                    45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50