Page 34 - Саха тыла 6 кылаас
P. 34
һис, алтыс кылаастар уолаттара уонна кыргыттар эрбии-
лээх, бары иккилиитэ аһыыр астаах, үлэ таҥастаах кэлиэх-
тээхтэр. Мустуу — сарсыарда аҕыс чааска оскуола таһыгар.
(Далан, «Дьикти саас»)
II. Мин Оҕо саас дыбарыаһыгар дьарыктаммытым
төрдүс сыла. «Сир симэҕэ» ансаамбылга уонна «Тыын-
наах тыл» диэн литература куруһуогар дьарыктанабын.
Үҥкүү алыптаах эйгэтигэр Татьяна Михайловна киллэр-
битэ. Оттон «Тыыннаах тыл» куруһуогу Лина Семёнов-
на ыытар. Манна саха тылын, литературатын дириҥэтэн
үөрэтэбит. Куруһуоктарым инники олохпор туһалаах буо-
луохтара диэн эрэнэбин.
(Карина Данилова, «Кэскил» хаһыаттан)
53. Кылааскар сыһыаннаах биллэриитэ суруй, аах,
кимиэнэ ордук табыллыбытын быһаар.
54. «Култуура, ускуустуба сонуннара» диэн тиэмэҕэ өрөс-
пүүбүлүкэҕэ буолбут тэрээһиннэр тустарынан иһитин-
нэриитэ оҥор.
8 §. Сомоҕо домох
Өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас
да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ сомоҕо до-
мох дэнэр. X о л о б у р : куот — атахха биллэр,
саҥарбат — ууну омурпут, мэлдьэһэр — тумсун
дулҕаҕа соттор, кырдьыар диэри — бытыгын быһа
үктүөр диэри, кыахтаах — моонньо суон, кэһэйдэ —
тос мааһын ылла.
34