Page 132 - Саха тыла 6 кылаас
P. 132
оҕоҕо хаартыска бэриллэр. 4. Хас биирдии учуутал бэйэ-
тэ ураты уопуттаах. 5. Хас биирдии киһи дьоллоох буо-
луон баҕарар. 6. Сэрии хаҕыс тыына хас биирдии ыалга
тиийбитэ.
249. Бэйэни солбуйар ааты көтүтэн этиини аах. Бэйэни сол-
буйар аат суолтатын ханнык сыһыарыы биэрэрин тол-
куйдаа.
Хос быһаарыы: саха тылыгар бэйэни солбуйар аат суол-
татын тардыы сыһыарыыта биэрэр.
1. Эһигини эҕэрдэлээн туран бэйэбит ырыабытын (свою
песню) бэлэхтиибит. 2. Ойуун бэйэтин кыырыытын (свое
камлание) оһох уота сөҕүрүйбүтүн кэннэ саҕалыыра мээ-
нэ буолбатах. 3. Сылдьыбыт дьон бэйэлэрин бэлэхтэрин
(свои подарки) хааллараллар. 4. Уон хоно-хоно уолаттар
бэйэлэрин дьиэлэригэр (в свой дом) кэлэллэр. 5. Аал уот
бэйэтин сылаас сыдьаайынан (своим теплом) сырдатар.
6. Суруналыыс Дапсы бэйэтин биир дойдулаахтарыгар
(к своим землякам) кэлэ сырытта.
250. Икки этии туох атыннааҕын тэҥнээн көр. Хайата
ордук дии санаатыҥ?
1. Бары чыычаахтар барбыттар. — Чыычаах барыта бар-
быт. 2. Бары күөллэр тоҥмуттар. — Күөл барыта тоҥмут.
3. Бары кыргыттар үҥкүүнү сөбүлүүллэр. — Кыыс барыта
үҥкүүнү сөбүлүүр.
251. Барыта солбуйар ааты туттан этиини уларытан суруй.
Атын тыл халыыбын эмиэ өйдөөн көр.
Хос быһаарыы: барыта солбуйар ааты кытта аат тыл
биир ахсааҥҥа турар. Холобур: Оҕо барыта билэр.
1. Ол саҕана бары табалар муоһа суох эбиттэр. — Ол
саҕана таба барыта муоһа суох эбит. 2. Тэрилтэ үбэ-
харчыта тиийбэт буолан, бары үлэһиттэрэ уоппускаҕа
132