Page 137 - Саха тыла 6 кылаас
P. 137
Сылы түмүктүүр хатылааһын
Ситимнээх саҥа
259. Тиэкиһи аах. Сорудаҕынан сирдэтэн ырыт. Аатта тол-
куйдаа.
Хачыгыр чабычахтаах бурдугуттан биирдэ балтаччы
баһан, онон-манан ойута барбыт тааһын айаҕар кутан
биэрдэ. Уоһун иһигэр ботугураан: «Тоҕус буолла», — дии-
дии, салҕанан турар лэппичэх дүлүҥүттэн тэбинэн тааһын
тэптэрбитигэр, түөһүн тылыттан алларааҥҥыта илдьи-
рийэн хаалбыт даба ырбаахытын бытырыыстара төттөрү-
таары туора охсулла турдулар. Бастаан утаа тааһа өрө
сүгүллэн тахсан, күрбэни туораан эрэр таһаҕастаах тэлиэ-
гэ курдук, лүһүгүрээтэ, онтон улам-улам уларыйан, кэн-
никинэн сыыбырҕаан хаалла. Хачыгыр, чабычахтаах бур-
дугуттан өссө биирдэ баһан ылан тааһыгар кутан биэрэн
баран, тааһын эргиттэ-эргиппитинэн туран, хас да хонук-
ка кырыатаммакка бүтэ оспут түннүк кырыатыгар, урут
кэккэлэччи алта уһаты тардыы бэлиэ оҥоһуллубутугар,
сэттиһин, биири хаҥас сөмүйэтинэн дьукку охсон эбэн
биэрдэ. Аҥаар илиитинэн чабычахтаах бурдугун сиксийэн
көрбүтэ, алта уон биэс кутуу бурдук баар эбит. Кини ах-
саана төһө да боростуойун иннигэр, бэйэтин туһугар бэрт
чуолкай этэ. Бу түннүккэ оҥоһуллубут бэлиэлэр уоннуу
кутуу бурдук тардыллан бүттэҕин аайы оҥоһуллан испит-
тэр, онон сэттэ уон кутуу бурдук тардыллан бүппүт. Оттон
чабычаҕар алта уон биэс кутуу бурдук хаалбытын чуолкай
билэрэ диэн — бурдуга чабычаҕын аллараа ситиитин кыт-
та тэҥнэспитинэн буолар эбит. Итинэн Хачыгыр, тардар
бурдугун аҥаара эрэ бүппүтүнэн, бэйэтин бүгүҥҥү дьыа-
лата куһаҕан буолбутун билиннэ. (Эрилик Эристиин)
137