Page 140 - Саха тыла 6 кылаас
P. 140

264. Аах. Сорудаҕы толор.

    Снайпер Гурьянов биһикки доҕордоһуубут ордук чи-
ҥээн иһэр. Кини оҕолуу быһыытын, эйэҕэс майгытын мин
таптаатым.

    Биһиги чаастарбыт арҕастыы барар үрдүк сиргэ үүммүт
тыа тэллэҕэр сыталлар. Өстөөх биһиги иннибитинээҕи та-
лахтардаах хотоол сиргэ баар. Антах ыраах бөлөх-бөлөх
харааран көстөр тыалаах үрдүк кыһам көстөр. Ол кэтэҕэр
өрүс баар дииллэр.

    Охсуһуу инники кирбиитигэр киирбиппит бэһис күнэ
буолла да, ньиэмэһи өссө үчүгэйдик көрө иликпит. Арай
иллэрээ күн разведчиктар туппут «тылларын» — уһун
ньиэмэһи — штабка илдьэ истэхтэринэ көрбүппүт.

    Киһини сототун ортотунан оттоох томтор сир тэллэҕэр
тохтоотубут.

    Бэйэ-бэйэлэриттэн уончалыы миэтэрэ ыраах үс сиргэ
хастыбыт, онтубутун синньигэс ханаабанан холбоотубут.
Ыксал буоллаҕына, күнүс да чугуйарга сөптөөх токур-бо-
кур барбыт ханаабаны намталга түһэрдибит.

    Сэрии диэн үлэ буолар эбит. Ким күүстээх, ким үлэҕэ
кыайыылаах — ол үчүгэй саллаат. (Тимофей Сметанин)

    1. Тиэкистэн киирии, анал, көспүт суолталаах, үөскээбит
        аат тылы бул.

    2. Тиэкистэн төрүт уонна үөскээбит даҕааһыны бул.
    3. Тиэкистэн төһө, кэрискэ, барыллааһын ахсаан ааты бул.
    4. Тиэкистэн сирэй, бэйэни, ыйар, ыйытар солбуйар ааты

        бул.

         265. Устуҥ. Быйыл үөрэппит саҥа чааскытын булуҥ.
                 Этии ханнык чилиэнэ буоларын ыйытыы туруоран
                 быһаарыҥ.

    1. Талах быыһыгар кирийбит биир ньиэмэс сынаай-
пара күннээтэ. 2. Биһигиттэн хас да киһини бааһырта.

140
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144