Page 136 - Саха тыла 6 кылаас
P. 136

Солбуйар ааты саҥа чааһынан ырытыы бэрээдэгэ
    1. Ыйытыыта, ханнык саҥа чааһын солбуйара (аат
        тылы, даҕааһыны, ахсаан ааты).
    2. Арааһа (сирэй, тардыылаах, бэйэни, ыйар, ыйытар,
        быһаарыылаах, быһаарыыта суох).
    3. Халыыба (ахсаана, сирэйэ, түһүгэ).
    4. Этиигэ ханнык чилиэн буолара (туһаан, кэпсиирэ,

быһаарыы, толоруу, сиһилии).
  Солбуйар ааты саҥа чааһынан ырытыы холобура
    Эн миигиннээҕэр балыс эбиккин.
    1. Ким? — Эн, аат тылы солбуйбут. 2. Сирэй солбуйар

аат. 3. 2 сирэй, биир ахсаан, төрүт түһүк. 4. Туһаан.
    1. Кимнээҕэр? — Миигиннээҕэр, аат тылы солбуйбут.

2. Сирэй солбуйар аат. 3. 1 сирэй, биир ахсаан, тэҥнии
түһүк. 4. Толоруу.

 258. Солбуйар ааты булан, саҥа чааһынан ырытыҥ.
    1. Бүгүн ким суоҕуй? 2. Бу кинигэ эйиэнэ. 3. Биһиги

тугу эрэ көрдүбүт.

136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141