Page 135 - Саха тыла 6 кылаас
P. 135

саһарбыт. Өҥнөөх пүлүөҥкэлээх киһи хаартыскаҕа устуон
бэрт эбит», — диэн халдьаайы саҕатыгар кэккэлэһэ үүммүт
хатыҥнары ыйан көрдөрдө.

    Хатыҥнар төбөлөрө, ким эрэ соруйан араҕас кыраас-
канан соппутун курдук, ыраахтан саһарымтыйа сылдьан
көтөллөр. Оттон аллараа өртүлэрэ сайыҥҥы күөхтэрин
ыһыктыбакка чэлгиһэн тураллар. (Иннокентий Сосин)

255. «Мин сөбүлүүр дьарыгым» диэн тиэмэҕэ сэһэргээһин
        уонна тойоннооһун ньымаларын туһанан өйтөн су-
        руй.

                             Хатылааһын

 256. Ааҕыҥ. Солбуйар ааттары устуҥ. Солбуйар аат ханнык
         чилиэн буолбутун ыйыҥ.

    Бу бэдик миигин күлүү-элэк оҥостубутун иһин, уон
төгүл оруосканан охсуллуоҕа уонна ити тииккэ хам кэл-
гиллиэҕэ. Үөн-көйүүр аһылыга буолан, бу түүн итиннэ
хонуоҕа. Сэрэтэбин: ким да киниэхэ чугаһыа суохтаах.
Чугаһаабыт киһи бэйэтэ түбэһиэҕэ. Уонна бука бары
өйдөөн кэбиһиҥ: миигин утары барбыт барыта итин-
ник аналланыаҕа. Чэйиҥ, бу түөкүнү туруору тардан, ол
дүлүҥҥэ сытыарыҥ. Бөтөс, бэлэмнэн. (Софрон Данилов)

257. Солбуйар ааттары түһүгүнэн уларыт.

    Төрүт түһүк       маннык   эн        миэнэ  бу
 Араарыы түһүк      манныкта
Сыһыарыы түһүк      манныкка                        135
  Туохтуу түһүк      манныгы
Таһаарыы түһүк     манныктан
                  манныгынан
   Туттуу түһүк   манныктыын
  Холбуу түһүк   манныктааҕар
  Тэҥнии түһүк
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140