Page 4 - Саха тыла 9 кылаас
P. 4
Улахан дойдулар судаарыстыбалыы сүрүн тыллара мэлдьи биир
буолбат. Икки-үс тыл тэҥинэн судаарыстыба сүрүн тылынан тут-
туллара үгүс.
Арассыыйаҕа судаарыстыба сүрүн тыла — нуучча тыла. Ону
сэргэ 19 судаарыстыбалыы, 10 эписээлинэй анал туруктаах тыл
туттуллар. Саха, татаар уонна баскыыр тыллара бары үөрэх тэ-
рилтэлэригэр үөрэтиллэр анал туруктаахтар.
Саха тылын көҥүлүн, сайдыытын Арассыыйа Бэдэрээссийэтин
уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Төрүт сокуоннара» уонна «Тылла-
рын туһунан сокуоннара» мэктиэлииллэр, араҥаччылыыллар.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын туһунан» Саха Өрөспүүбү-
лүкэтин кэлиҥҥи сокуонун өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ 1992
сыл алтынньы 16 күнүгэр ылыммыта. Онно 4-с уонна 5-с ыста-
тыйаларга саха уонна нуучча тыллара өрөспүүбүлүкэ судаарысты-
балыы тыла буолаллара, нуучча тыла омуктар бодоруһар тыллара
буолара ыйыллар. 6-с ыстатыйаҕа эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чук-
ча уонна долгаан тыллара эписээлинэй тыл буолаллара уонна
түөлбэлээн олорор сирдэригэр судаарыстыбалыы тыллары кыт-
та сэргэ тэҥинэн туттуллаллара этиллэр. Сокуон 5 түһүмэхтээх:
Бастакы уопсай ыйыыларга тыллар анал туруктара, былаастар,
дьоннор уонна тэрилтэтэр тылга сыһыаннара чопчуланар; Иккис
түһүмэххэ тыллары судаарыстыба уорганнара, тэрилтэлэр, тут-
тууларын кэриҥэ, бэрээдэгэ олохтонор; Үһүс түһүмэххэ тылла-
ры үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа туһаныы быһаарыллар;
Төрдүс түһүмэххэ тыллары олохтоох дьаһаныыга, иһитиннэриигэ
уонна араас бэлиэлэргэ, сир уонна дьон, тэрилтэ аатыгар туһа-
ныы бэрээдэгэ ыйыллар; Бэһис түһүмэххэ Сокуону хааччыйыы,
толоруу уонна сокуон туолуутун хонтуруоллааһын быһаарыллар.
Сокуон тыл көҥүлүн, туттуллуутун, сайдыытын мэктиэлээһин,
быраап биэрии бэрээдэгинэн суруллар. Ону ситиһии, сатаан олох-
хо киллэрии салайар дьонтон, тылы туһаныыны хааччыйааччылар-
тан, тэрийээччилэртэн, кинилэр дьүккүөрдэриттэн, айымньылаах
үлэлэриттэн тутулуктаах. Онтон биһиги, оҕолор, ыччаттар, тылбы-
тын билэргэ, баһылыырга, туһанарга, харыстыырга, сайыннарар-
га дьулуһуохтаахпыт. Тылбытын төһө киэҥ эйгэҕэ туһана үөрэнэр-
бититтэн тылбыт кэскилэ тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт.
1. Тиэкиһи ааҕан санааҕытын суруйуҥ. Саха уонна атын тыллар
үөрэххэ туттуллууларын хайдах өйдөөбүккүтүн кэпсэтэргэ
бэлэмнэниҥ.
4