Page 128 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 128
даах киһи буоллаххына, кинилэр тымырдарыгар сүүрүө
эн ийэҥ хаана, эттэрэ-сииннэрэ син биир эн ийэҥ уонна
бэйэҥ этиҥ-сииниҥ буолуо. Онон, эн ийэҥ син биир
тыыннааҕын кэриэтэ, уонна оннук даҕаны, өйдөө итини…
Мин, төһө да ыар аһыыттан өйүкү-төйүкү баран олор-
дорбун, Уйбаан оҕонньор ити иһэ истээх, улахан улаҕа-
лаах этиитин, тоҕо эрэ хаппар өйбөр хатаан, өйдөөн
хаалбыппын. Уонна кэлин, олохпор амырыын алдьархай
илэ ааҥнаабыт күннэригэр, түгэннэригэр, эмискэ тэһэ
санаан, күүспэр күүс, санаабар санаа эбиллэн, үрүҥ
тыыммын өллөйдөөн үгүстүк көмөлөстөҕө, өрүһүйдэҕэ…
Мин тыыннаахпын — ол аата ийэм тыыннаах. Ийэм —
мин дии, мин — кини оҕотобун… Оо, астык, үтүө да са-
наа… Кырдьык да, салгыы олох олоруохха сөп эбит ээ,
мин этим-сииним — ийэм этэ-сиинэ, мин олоҕум — ийэм
олоҕо… Бэл, оҕо киһи, ситэ-хото илик өйүм-санаам, син
тобуллан, хараҥа былыт быыһыттан сырдык сардаҥа ты-
гарын кэриэтэ, олоххо тардыһыы уҕараабат улуу тыынын
утаҕын өйдөөбүтүм…
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Тоҕойдуур сөпкө этэр эрээри, Аананы тоҕо кыайан уос-
куппата?
2. Уйбаан оҕонньор олоҕор туох ыарахаттары көрсүбү-
түй? Кини Аанаҕа уһун олоҕор үтүө өйдөбүл буолбут
ханнык олохтоох олох муудараһын тутар санааны эп-
питий? Ити үйэлээх өйдөбүлү киһи ылыныан сөп дуо?
3. Кини Аана ийэтин тоҕо дьоллоох диирий?
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Бэриллибит тиэмэлэргэ эбэтэр бэйэҕит толкуйдаабыт тиэ-
мэҕитинэн айымньыны салгыы суруйарга холонуҥ:
«Аана — үлэһит үтүөтэ, дьоллоох киһи буолар…»;
«Аана дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан киһи буолар».
128