Page 127 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 127
иннинэ күөйэ түһэн кэлэ охсубута. Уйбаан оҕонньор,
биһиэхэ дэҥ-дуҥ, биирдэ эмит сылдьара. Дьонун аһыы-
тыгар буорайбыт киһи улахан кэпсэлэ-ипсэлэ суох буо-
лара. Ойоҕо Маарыйа, уола Сэргиэй, Настаа диэн кыыһа
күн сириттэн кэмнэрин иннинэ эрдэ күрэнэн, бу көлүйэ
кырдалыгар сыталлара.
Мин, отон угар, ийэм баһыгар сөһүргэстээн олорон
эмиэ уйа-хайа суох ытаабытым… Уйбаан оҕонньор ба-
рахсан олус аймаммыппын көрөн:
— Кэбис, тоом, хайа муҥун… Оҥоһуубут, дьылҕабыт
ыйааҕа итинник буоллаҕа, хайыахпыт баарай, уоскуй… —
диэн икки бүлгүммүттэн өрө тардан туруоран, эмэх дү-
лүҥ сытарыгар олордубута, бэйэтэ ыксабар сэргэстэс-
питэ. Аҕыс уонун ааспыт, көҕөччөрүн ааһан букатын
кыытта маҥхайан эрэр баттахтаах, күн уота килэриччи
сиэн арыы-сыа ньалҕарыйбыкка дылы, куоһахтана дьир-
биилэммит мырчыстаҕас сирэйдээх Уйбаан кырдьаҕас:
— Эн оҕо киһигин… Мин, бу тоҥхойо кырдьан инним
кылгаабыт, кэнним уһаабыт киһи, бэл, син сүөдэҥнээн,
үрүҥ күн сырдыгын күндүркэтэн, олох олоробун. Ойох-
тонон баран ойохтоммотох, оҕолонон баран оҕолом-
мотох курдук сырыттаҕым… Маарыйам эрэйдээх — ол,
улаханым ¤эргиэйим, Настаакайым муҥнаах — ити… —
диэн, дьон уҥуохтарын сэҥийэтинэн ыйан иһэн оҕон-
ньор бөтөн хаалбыта, ситэ саҥарбатаҕа… Бэйэтин кур-
дук сабыста кырдьан эрэр оҕонньор ыта, Түөстэрэй, бу
булгунньах саалыгар өрүү сылдьа үөрүйэх быһыылааҕа,
куоһахтанан хаалбыт киһи уҥуоҕун буоругар биир сиргэ
тула эргичийэн баран түүрүллэн чөкө сытынан кэбис-
питэ. — Мин, аны кэннибэр кэриэстэтэрим кимим, тугум
да суох, оттон эн ийэҥ төһө да күн сириттэн күрэннэр —
кини дьоллоох, оҕото эн бааргын… Айманарыҥ, аһыйа-
рыҥ сөп эрээри, аһара сүөм түһэн куккун-сүргүн алыс
хамсатарыҥ куһаҕан. Эдэр, оҕо киһи, олоҕуҥ, кэскилиҥ,
дьолуҥ өссө да иннигэр. Ийэ, аҕа аһыытын алдьархайа
диэни мин да билбит киһибин. Ийэ диэн ийэ… Хойу-
тун-хойут бэйэҥ ийэ буолар үрдүк ытык ыйаахха тиксиэҥ
турдаҕа, олоҕу оҕо салҕыыр куолута. Кэлин ыччаттар-
127