Page 124 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 124

йан, Тоҕойдуур этэринии, «мэбэлисээссийэлээн» эрэл-
лэр эбит. Ийэм уруккутун курдук кэпсэтиигэ соччо кыт-
тыбат, дэҥ-дуҥ эрэ сээкэйи ыйыталаһар… Мин дьонум
кэпсэллэрин истэ-истэ наар кумаардары кытары охсуһан
таҕыстым.

    Эр дьон сээкэйи баллыгыраһан, хойукка диэри оло-
рон баран сыппыттара, мин хас да хонук аанньа утуй-
батаҕым таайан, кумаартан куотан көбүөр суорҕаммын
бүрүнэ тардынаат, сурда суох барбытым…

    …Арай, сарсыарда буолбут быһыылаах, ким эрэ сэ-
мээр ахан санныбыттан тардыалыыр. Ийэм ыалдьыаҕыт-
тан бэйэм туспа кыра адарай ороҥҥо, ийэм баһыгар сы-
тарым. Уум быыһынан иһиттэхпинэ, миэхэ умса нөрүйэн
таайым саҥарар:

    — … Аанаа… Тоом… Аанаа… Ийэҥ… бараахтаан хаал-
быт… Тоом… Аанаа… — диэн букатын уларыйан хаалбыт
куолаһынан үрүт-үөһэ биири хатылыыр…

    Мин, маҥнай утаа, ол бэҕэһээ отой турбакка орону-
гар лигиир сыппыт ийэм барахсан ханна туран барбытын
этэр буоллаҕай диэн, уум быыһынан таайым саҥатын
истэ-истэ дьиктиргии санаатым… Онтон хоноһолоохпу-
тун өйдөөтүм, дьэ уһугуннум.

    — Аана-аа… Эдьиийим утуйа сытан тыына быстаах-
таабыт… бараахтаабыт… — Бүөтүр урут ийэбин куруук,
наар аатынан ааттыыра, эдьиийим диэн дэҥ биирдэ
эмит ахтара…

    — Эдьиийим даа?.. Ийэм ханна бартын этэҕин?.. —
түүн кумаартан куотан бүтэйдии бүрүнэ сыппыт көбүөр
суорҕаммын сэгэтэн, хонноҕум анныгар диэри арына сы-
тан ыйыттым, онтон эргиллэ биэрэн баспар сытар ийэ-
бин көрбүтүм — оронугар баар, сытар, ол эрэн бэрт
дьиктитик, сатамдьыта суохтук туттубут…

    … Дьэ эбэтээ… эмискэ үлүгэр этим сааһа дьар гына
түспэт дуо… «Барбыт», «быстыбыт» диэн тыллар миигин
сул дүлүҥүнэн төбөҕө охсубут кэриэтэ, оҕо киһи өйүм-
санаам өйүкү-төйүкү барыар диэри сырдык-хараҥа иһи-
гэр түһэрдилэр… Ороммуттан хайдах ойон турбуппун
өйдөөбөппүн, дьикти үлүгэрдик чэпчээн, көтөн эрэргэ

 124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129