Page 130 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 130
та үһү. «Чыркымай оҕолоро эрэйдээхтэр эһэ аһылыга
буоллахтара» диэн аһына санаабыттар отчуттар. Куттаа-
рылар, ыраахтан хаһыытаспыттар да — эһэлэрэ, хата,
бөрөкү кыһаллыах быһыыта биллибэтэх.
Онтон, дьэ били булчут «кырдьаҕас» арҕаа уһукка
тиийэн эрдэҕинэ, ийэ чыркымай муҥнаах көтөн сары-
кынайан тахсыбыт. Итиэннэ бэйэтинэн мэҥиэлээн оҕо-
лоруттан тэйитиэн баҕардаҕа буолуо, субу эһэ айаҕын
иннигэр тырыпынайа сатаабыт. Булчут «кырдьаҕас» ол
мэҥиэни хаппатах — хомус быыһын тиҥсирийэ-тиҥси-
рийэ барбытын курдук баран испит.
Чыркымай, хайыан да билбэккэ, ыксаан, биир сиргэ
дайбанан тарыкынайа тураахтаабыт. Онтон эмискэ өрө
кыырайан тахсыбыт уонна аллара супту сурулаан түһэн,
субу оҕолоругар чугаһаан эрэр эһэ сүүһүгэр саайыллы-
быт. Эһэ күтүр, соһумтаҕай муҥутаан, өмүрэн, икки илин
атаҕын адаарыппытынан хомус быыһыгар күр гына түспүт.
Кута, кэбирэҕинэн үгэҕэ киирбит баҕайы, оччо үлүгэр ыара-
ханы уйууһу дуо, эһэ охтубут сиринэн быһа ыстаммыт.
Булчут «кырдьаҕас» бүтүн тоҥ күөс быстыҥа сордо-
нон, түгэҕэр оборо сытар кута быыһыттан нэһиилэ оро-
нон, тирэхтээх сиргэ үктэммит. Хонууга, түүтүттэн уутун
тэбэнэр бокуойа суох тыынын тэскилэтэн тыатыгар ыс-
таммыт. Онтон ыла күөлүгэр бултуу эргиллибэтэҕэ үһү.
Чыркымай сордоох хомус быыһыгар көһүйэн сытарын
киэһэ туу көрө киирбит уолаттар булбуттар.
Оҕо чыркымайдар күһүөрү халыҥ үөр буолан соҕуруу
көппүттэр.
Отчуттар, сөҕүрэн эрэр кутаа аттыгар хойуу чэйи бу-
рулата олорон, харса суох чыркымайы хайҕаан өр сэ-
һэргэспиттэрэ. Онуоха арай биир кырдьаҕас оҕонньор
баара кыттыбатаҕа. Сэһэргэһии түмүктэниитэ эдэр дьон
тыл эрэйэрдии көрбүттэригэр эрэ, кини үһүөйэх тылынан
туомтуу баайбыта:
— Ийэ буоллаҕа дии.
Оннук.
Ийэ таптала умайар уокка да, дириҥ далайга да кил-
лэрэр. Хоргуһу да хорсун, мөлтөҕү да күүстээх оҥорор.
Ийэ барахсан…
130