Page 135 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 135

түстэх аайы улам эрдийэн, эрчимирэн, чарылаан, халдьы-
гыраан ылар. Тиһэҕэр, тыа саҕатыгар тиийиитэ күрүл-
гэннэнэн, үөһэттэн барылаччы кутуллан киирэн, сыһыыга
килэйбит ходуһа уутугар холбоһор.

    Сааскы чэбдик тыаны сэргэхтик иһиллии-иһиллиибин,
сымнаҕас кур көтөҕөҕө үктэнэн, тыаһа суох сыбдыйабын.
Кэннибэр — хаар уутун чарылааһына, иннибэр — чыычаах
ырыатын күйгүөрэ. Бу кэрэни ким да иннинэ мин эрэ аан
маҥнай арыйбыт курдукпун.

    — Һыччыай, һыччыай! Ньургу-ун, ханнаҕыны-ый? — диэн
ыраах Нуоралдьыма чараҥын диэкиттэн эбэм куолаһын
дуораана иһиллэр.

    — Баарбын! Баарбын, эбээ-э-э! — диэн оннооҕор тыа ба-
һа сатарыйыаҕынан хаһыытаат, эбэм саҥатын хоту сүүрэн
элэстэнэбин. Кулгаахпар тыал сирилиир, икки өттүбүнэн
маҥнай суон тииттэр халыҥ хатырыктаах төрүттэрэ хараара
силлистилэр.

    Сиргэ тиийэ намылыйбыт сигири курдук баараҕай ла-
баалардаах аар хатыҥ анныгар эргэ олох маска эбэм көх-
сө нүксүллэн олорон, сонньуйан кэбиһэ-кэбиһэ, тугу эрэ
саҥарар быһыылаах, ньамньыйан, уостара ибирдииллэр.
Кини өрүүтүн даҕаны саныыр санаатын иһиллэр гына бо-
тугуруу сылдьар үгэстээх.

    — Ии, барахсан, эчи үчүгэйин. Сылын аайы өҥө-кы-
рааската элэйиэхтээҕэр, хата, дьэ эбии дьэргэйэн иһэргэ
дылы. Сыллата тупсан, кэрэтийэн иһэр ээ, сир-дойду ба-
рахсан... Саас аайы саҥалыы тыллан, саҥалыы көҕөрөн,
олох бүттүүн сырыы аайы саҥалыы саҕаланар курдук...
Арай аһыы, кэтэһии мэлдьи уларыйбат биир. Арай сырыы
аайы ол аһыыҥ саҥа күүһүнэн саба түһэр...

    Аар хатыҥ онуоха сөбүлэһэр курдук, үөһэ тыынардыы,
хойуу лабааларын тыалга суугунатан, биэтэҥнэтэн ылла.
Кини сэттэ уон сэттэ сиринэн бүгүйэхтээх умнаһыгар ха-
йыта хаппыт, быһыта кэйиллибит, хаһан эрэ туоһун са-
ралыы тардыбыт баастарын оннулара, олох моһоллорун
суоллара буолан, хараара чэрдийбиттэр. Аар хатыҥ туо-
ратынан барбыт ииччэх-бааччах лабаалардаах токур-бо-
кур бэйэтэ, икки өттүгэр сэлэлии дьылыбырайа үүммүт,

                                                                                                                    135
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140