Page 137 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 137

хаалбыттыы, тэҥҥэ үөрэр-хомойор курдук, тэҥҥэ көҕө-
рөр, хагдарыйар. Иккиһэ, уран тарбах чочуйбут оһуордаах
бэйэтэ, эмиэ да ыра санаа, кэтэһии, эмиэ да кутурҕан,
саҥата суох хаһыытыы турар аһыы-аба бэлиэтэ буолан,
кыһыннары-сайыннары мэлдьи биирдик дьиппинийэн,
дьэбидийэн турар. Аны кинилэр иккиэн биири ыралыыл-
лар. Аар хатыҥ уонна ытык сэргэ мин улаатарбын кэтэһэл-
лэр үһү...

                                ***

    Оо, бу күнү күүттүм да этэ! Аан маҥнай дьиҥнээх ула-
хан булчут курдук сааланан-сэптэнэн, толору тэринэн
аҕабыныын куска хоно барабыт. Эбэм иһирдьэнэн-таһыр-
дьанан элэстэнэн, дьааһык, сундуук түгэхтэриттэн оро-
толоон, миэхэ анаан уурбут түү истээх кээнчэлэри, куо-
бах тириитэ сириэһиннээх куллука, уһун остоох хара
саппыйаан хорсоох этэрбэһи булан кэтэрдитэлээбитэ.
Атын кэмҥэ эбитэ буоллар, бука, кэтимээри туорайдаһан
көрүөм этэ да, бүгүҥҥү уһулуччулаах күҥҥэ мин саамай
истигэн оҕобун. Эбэм таҥыннарар, өр сытан, сиик, ник-

                                                                                                                    137
   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142