Page 148 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 148

— Хайыахпытый, ийээ! Аны кэлэн ити кураанах хонуу-
ну көҥөөн да диэн... Дьөгүөр аны кэлбэтэ чахчы.

    — Суох!.. Тыыннаахпар биэриэм суоҕа! Өлбүтүм кэннэ
хайааҥ даҕаны. Ол Хорохой кыыһын аахха эчи сир көхсө
кыараатаҕа. Ити мин оҕолорум оннугар кэриэс гыммыт
сирбин былдьаһалларын аньыырҕаабаттарын баҕаһын. Бу
Эҥээриттэ эбэ хотуҥҥа кинилэргэ сөптөөх биир бааһына
онно баар аххан ини.

    — Айылҕатын сөбүлүү көрдүлэр ини. Эдэр дьон сир
бастыҥар баҕараллара баа буолуо дуо? — аҕам симиктик
тыл кыбытар.

    — Мин оҕолорум баай байа барбыттара баарай? Күн
сирин көмүскүү сылдьан умса түспүттэрэ... Суох... Суох...
Тыыннааҕым тухары...

    — Инньэ диэн хайыахпытый, ийээ! Суох мастааҕар кы-
таанах. Аны кэлэн төнүннэрбэккин. Онон кураанаҕын туруо-
ҕунааҕар эдэр дьон олордуннар, оҕо-уруу төрөттүннэр ээ.

    — Бээ, тохтоо. Ама эстэн эрэрбит иһин, ыйаах, оҥоһуу
билиэ. Билигин да салгыах киһи баар. Ньургунум, оҕом,
сыччыыйым, саатар кини улаатан итиннэ уйа туттуннар
диэн баҕалаах этим. Саатар кини, үлтүрүйбүт көһүйэ
кыырпаҕа, тостубут лабаа үнүгэһэ буолан, бу ытык сиргэ
силис тардыа этэ. Бээ, Дьылҕа Тойон ыйааҕа билиэ!..

    — Кэбис, ийээ, хаалары тыллаһыма. Ити киһи улаа-
тыар диэри хара тураах маҥхайар ини. Ол кини да улаа-
тан диэн, бу сиргэ олорбото чахчы. Ханна-ханна тиийэрэ-
түгэнэрэ биллибэт. Аныгы киһи ыыра киэҥ буолуо.

    — Ама дуу?.. Ама төрөөбүт буорун умуннаҕай. Кэбис,
оҕом сүрэҕэ бэттэх. Ама кими батан түҥнэри хайыстаҕай?
Хайа да умнаһынан бардар, хаан-сыдьаан бүтүннүү күн
диэки эргийиэхтээх! Бээ, тохтоон эриҥ, баҕар, биһиги
да өссө биирдэ өрө тыллан тахсыахпыт... Силлиэ чып-
чаалын булгу сөрөөбүт тиитэ сороҕор соҕотохто намчы
лабаатынан уһулу өрө анньан тахсааччы. Манна оҕом...
сыччыыйым... — эбэм, куолаһа бөтөн бара-бара, аттыбар
хааман кэллэ. Ыараханнык тыынар салгына иэдэспэр ил
гынна. Сирэйбэр харах уутун бөдөҥ таммахтара түһүтэ-
лээн уотунан хаарыйдылар.

    — Оҕом баар дии!.. Үнүгэһим...

  148
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152