Page 144 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 144
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Ньургун эбэтигэр Нуоралдьыма чараҥа тоҕо туохтаа-
ҕар да күндү, ытык сир эбитий?
2. Аар хатыҥ уонна сэргэ. Биирдэрэ тэҥҥэ «үөрэр-хомо-
йор», биирдэрэ «дьиппинийэн, дьэбидийэн» турар. Су-
руйааччы бу тылларынан тугу этэрий?
3. Аар хатыҥ, Ньургун санаатыгар, тоҕо «суо хаан» кө-
рүҥнээҕэ буолуой?
4. Бу сиргэ уларыйбат, сүппэт сүдү туох баарый?
5. Ньургун эбэтэ: «Саллар сааһым тухары оннооҕор буо-
луохха тэрийдим ини...» — диэн, туох санааны этэрий?
6. Ньургуҥҥа эбэтэ кыыннаах быһаҕы биэрэригэр «Киһи
буол...» — диэн алгыһын ис хоһоонун быһаарсыҥ.
7. Ньургун эбэтинэн тоҕо киэн туттарый? (Дьоруой, бил-
лиилээх киһи буолбатах эбээт).
8. Саалар тыастара Ньургуҥҥа бастаан хайдах иһиллэл-
лэрий?
9. Ньургун аҕата уолун аҥаардас бултуурга эрэ үөрэтэр
дуо?
***
Нуоралдьыма үрдүнэн соҕотох күөрэгэй ырыата тугу
барытын баһыйан дьырылыыр да дьырылыыр. Күөрэгэй,
сапсынан илибирэйэ-илибирэйэ, үөһэттэн үрдүк от быыһы-
гар супту түһэрин кытары дьырылас ырыа мэлис гына түстэ.
Сонно эрэ биирдэ тыа быыһыгар эймэнэр чыычаах ырыа-
тын күйгүөрэ, аһыҥа сыыгынас саҥата, оннооҕор сэбирдэх
суугуна дьэ иһиллэргэ дылы гынна. Мөп-мөкүнүк тойон
ыҥырыа сибэккиттэн сибэккигэ көтөн дооҕунуур. Намчы
умнаска биэтэҥниир. Икки үрүҥ лыах эккирэтиһэ оонньоон,
хонуу үрдүнэн тэлээрбэхтээтилэр. Аллараттан кинилэргэ
өссө биир лыах холбоһон, үһүөн эймэниһэ көттүлэр.
Сүтэн хаала-хаала отунан, сибэккинэн саба үүммүт
Нуоралдьыма хонуутун бүтүннүүтүн имэрийэн, кууспалаан
ылардыы оргууй бигээн, саба көтөн кэлэр сылаас тыал
дьэдьэн сытынан дыргыйар. Мин от быыһыгар сөһүргэс-
тээн олорон кытарчы буспут эрбэх саҕа дьэдьэннэри
144