Page 135 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 135

Биир киэһэ, Сэмэнчик от үлэтиттэн тахсан олордоҕуна, аҕа-
та оҕонньор ыйытта:

     — Тукаам, хайдах буолан, бу олус дьүдэйдиҥ, тоҕо аанньа
аһаабаккын? Ыалдьаҕын дуу?

     — Кырдьык ыарыйдаҕа диэтэҕиҥ дуу, уолуҥ, дьахтарга ба-
ҕаран, иэдэйдэ ини?! Хата, ойохто ылан биэриэххэ, — диэтэ
ийэтэ эмээхсин.

     Сэмэнчик курус гына түстэ.
     — Онто суох, оҕобор дьахтар ылан биэриэм этэ. Сокуонай
да сааһа буолла. Хайа муҥун соҕотоҕун эрэйдэнэ сылдьыай?
Ойох ылар, оҕо төрөтөр таҥара ыйааҕа буоллаҕа, — диэтэ оҕон-
ньор, үөһэ тыынан баран.
     Сэмэнчик кыыһырбыт киһи быһыытынан, туох да саҥата суох
таһырдьа утуйа таҕыста.
     «Ойох ыл» буола-буола! Кими миэхэ ылан биэрээри дэл-
бэрийдэхтэрэй! Эһиги да ойох ылан биэрбэтэххитинэ, онон
өлөбүн үһүө?!. Ойоҕо да суох киһи тыыннаах сылдьар», — диэн,
Сэмэнчик иһигэр улаханнык кыһыйа саныы сытта.
     Чочумча соҕус буолан баран: «Ол эрээри Маайа курдук кыы-
һы киһи ойох ыла сыһыа эбитэ буолуо», — дии санаата. «Сор-
дооҕу, сатахха, көссүбэт буолан хааллым. Аны, көссөн, биирдэ
ыйытан көрүөх баҕайы дуу, хаһан да син биир — бэккэ гыннар,
букатын батан кэбиһээ ини, ити гэннэ тугу гынар үһүө».
     Бу түүн Сэмэнчик, Маайатын санаан, күн тахсыар диэри
утуйбакка сытан таҕыста.
     Ол курдук, кини хас да хонукка санаан, эр хаанын киллэрэн
сырытта буолан баран, Маайаны табан көссүбэтэ.
     Биир баскыһыанньа күн Сэмэнчик кус оҕотугар саалана бар-
да. Маайаны, түбэстэҕинэ, баҕар, көссүөм даҕаны диэн, кини
олорор сайылыгын чугаһынааҕы алааска барда.
     Күн түөттүүр ынах буолан эрэр эбит, алааска онно-манна
сүөһүлэр мэччийэ сылдьаллар. Алаас халдьаайытын анныгар
маҥаас атыыр оҕустаах ынахтар сылдьалларын көрөн, Сэмэн-
чик сүрэҕэ тэптэ. Маайа барахсан ынаҕын хамыйа кэлэрэ буо-
луо диэн, ол-бу диэки көрө-көрө, иһигэр эрэнэ санаата...

                                                                                                 1920-с сс.

                                                                                                       135
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140