Page 133 - Литература 7 кылаас 1 чааhа
P. 133
— Хайа, нокоо, бу туох буолан хара тыаны өрө кэттиҥ? —
Маайа тылыттан Сэмэнчик курус гына түстэ, сирэйэ кытаран
баран, кубарыйан хаалла.
— Эйигин көрдүү сылдьабын! — диэтэ Сэмэнчик абарбыт
киһи быһыытынан.
— Ол миигин тоҕо көрдүөтүҥ, миэхэ туох наадалааххы-
ный? — диэтэ Маайа, хараҕын кырыытынан уол сирэйин дьөлү
одуулаан баран. Сэмэнчик, эмиэ ымас гынан баран, аргыый
аҕай эттэ:
— Маайаа, тукаам, мин эйигиттэн ыйытардаах этим…
— Баҕайы, «тукаам» буола-буола! Дьэ, тугу ыйытардааххы-
ный? — диэтэ кыыс. Онуоха Сэмэнчик, силин быһа ыйыстан ба-
ран, аат эрэ харата эттэ:
— Маайаа, тоҕойуом, уураһыах эрэ, — диэн. Ол гэннэ
аҥаар илиитии кыыс санныгар уурда.
— Бу уол иирбит ээ… Ок-сиэ, эрэйдээх, сааппат даҕаны! —
дии-дии, Маайа күлэн чачыгыраата. Онуоха Сэмэнчик, эр киһи
туома буоллаҕым буолан, абаран туран, хоруй биэрдэ:
— Онно туох күлүүтэ баарый? Дьэ, хата, кэл, уураһыах, —
диэн баран, Сэмэнчик кыыһы кууһан ылан уураары гыммыта,
биирдэрэ: «Нокоо, туох буоллуҥ?» — диэн баран, мүччү охсон,
сүүрэн хаалла.
— Маайа, тохтоо даа! Бэйи, ханна куоттуҥ? — диэн хаалла
Сэмэнчик. Онуоха кыыс кэннин да хайыспата — көрүөх бэтэрээ
өттүнэ мас быыһынан элэс гынан хаалла. Ону көрөн баран, Сэ-
мэнчик кэнниттэн саҥа биэрдэ:
— Дьэ, үчүгэй сордоох кыыс оҕолоор! Тууй-сиэ! Абам да
эбит, — диэн баран, сиргэ силлээтэ.
Сэмэнчик хайтах эрэ ууга түспүт киһи курдук буолла, күөмэ-
йэ хатан хаалбыт, тириппит, көлөһүнэ сүүһүгэр ньалҕарыйан
түспүтүн ытыһынан туора-маары соттон кэбистэ, ол гэннэ ар-
гыый аҕай тыа диэки киирэн барда. Маайа саҥата, ханна эрэ
ыраах, биирдэ, «са-ай» диэн хаалла. Барбахтаан иһэн, Сэмэн-
чик эмэх буолбут, туора түһэн сытар тиит үрдүгэр олоро түстэ.
«Ок-сиэ, туох иннигэр төрөөн хаалан, эрэйгэ бардамый? Аата,
абам да баар эбит!» — дии-дии, Сэмэнчик хараҕыттан уу-хаар
баһылынна. «Оттон хайтах дьон дьахтары сытаан таптыыллар,
бэйэлэрин даҕаны таптаталлар? Дьэ, бэт доҕор, сытаабат диэн!
133