Page 142 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 142
Хайдах тулуйуомуй?
Дьадаҥы киһи
Сүрэҕин ырбаахыта
Сүрдээх чараас буолааччы.
Сэрбэкэ
Бу ыт уола
Лабыгыраан эрдэҕин!..
Быыпсай кинээһи кытта
Бу курдук кэпсэтэр баҕайы дуо?
Төбөҕүнэн толунуоҥ,
Түөкүн…
Мөлчөс
Оо, төбөм эрэйдээх,
Хаста толунартан ордон хаалыаҕай?
Бэркэ элбээтэҕинэ,
Төбөм —
Биир эрэ буолуоҕа.
Тойоттордуун, кинээстиин,
Туой киһи төбөтүттэн иҥнэллэр.
Устан ылан
Ууран кэбиһэн баран,
Төбөтө суох сылдьыбыт киһи…
Сэрбэкэ
Бу ыт уола
Бэбигирээн түһэн,
Охсор улар курдук,
Лабыгыраата,
Лабыгыраата да —
Тугу да өйдөөбөтүм…
Үөхтэ дии быһыыта?!
Оройгун алларыам!..
Мөлчөс
Ээс, кэбис, кинээс,
Тайах маскын
Таах алдьатыаҕыҥ…
142