Page 139 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 139
Ол иһин тосту баттаан
Олохпор доҕор буол диэхпэр
Олуона курдук,
Кэргэн буол диэхпэр
Кэдэрги курдук.
Киниэхэ мин эппэтэрбин даҕаны,
Кини миэхэ эппэтэр даҕаны,
Көрөр хараҕыттан,
Туттар быһыытыттан,
Кини миигин сөбүлүүрэ буолуо
Дии саныыбын.
Күһэҥэй
Кыыс дьоно өскөтүн
Кыһалҕаны өйдөөбүт буоллахтарына,
Оҕолоро таптыырын биллэхтэринэ,
Ол халыым иннэ диэн
Оҕолорун дьолун быһыахтара дуо?
Эдэр сылдьан эмэх буолар диэн эмиэ баар,
Оҕо сылдьан огдолуйан хаалар диэн эмиэ баар.
Эһиги тугу күүтэҕит, эдэрдэр?!
(Куругар анньына сылдьар чохороон сүгэтин ылар.)
Бу чохороону түөрт уон сыл
Курбар анньына сырыттым,
Дьиэ туттуом, ыал буолуом
Диэн санаалааҕым,
Ол табыллыбата.
Эдэр киһиэхэ
Эйиэхэ бэлэхтиибин.
(Сүгэни биэрэр.)
Балаҕанна тутун,
Ыал буол.
Лоокуут
Махтал, кырдьаҕаас,
Оо, кэрдиэм, суоруом,
Дьиэ туттуом!
139