Page 140 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 140

Күһэҥэй
                           Мантан соҕуруу туоруубун,
                           Сэттэ көстөөх сиргэ.
                           Хаһан эрэ онно
                           Билэр сирдэрдээх,
                           Билсэр дьоннордоох этим…
                           Өтөр манан кэлэн ааһыам,
                           Кэлэрбэр ыал буолан тоһуйаар.

                                       Лоокуут
                           Кырдьаҕаас, мин эйигин кытта
                           Аарааҥҥа диэри аргыстаһыым…

                                             Бараллар.

                                        Мөлчөс

                    (ыллыы-ыллыы, туос сүгэһэрдээх кэлэр).

                           Хараҥачай буолла —
                           Харбыалаһыы буолла,
                           Барык-сарык буолла —
                           Барыы-кэлии буолла.
                           Бараахайдыыр суолбар —
                           Мааны-мааны дьахтар,
                           Кэлээхэйдиир суолбар —
                           Кэрэ-кэрэ дьахтар.
                           Үөлүк-дьүөлүк буолла —
                           Үөрүү-көтүү буолла,
                           Күлүк-барык буолла —
                           Күлсүү-салсыы буолла.

                  (Биир төрүттэн үүммүт икки хатыҥ туоһун
                     хастаары быһаҕын ылан баран тохтуур.)

                           Кэбис, бу хатыҥнары хастаабаппын.
                           Барахсаттар,
                           Куба курдук кулуһуйан,
                           Туруйа курдук дьулуһуйан,
                           Сиэттиһэн иһэр
                           Сэгэртэйдэр курдук,

140
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145