Page 74 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 74

на-тарбана, сорохторо икки ытыстарын холбуу тутан, толкуйдуу
олордулар. Онтон сотору соҕус буолаат, Биэрэ:

     — Мин таһаардым. Этэбин дуо? — диэт, илиитин өрө уунна.
     — Мин эмиэ биллим. Сөп-сөп, — диэтэ, күлэ-күлэ, Кы-
лааса.
     — Чэ, кэлиҥ, этиҥ эрэ! — кыргыттар, биирдии-биирдии
баран, Куонаан кулгааҕар сибигинэйэн биэрдилэр.
     — Сөп. Маладьыастар! — диэтэ Куонаан.
     — Мин этиим эрэ. Бука, сыыстым дуу, хайа үөдэн дуу, —
дии-дии, Бааска эмиэ баран этэр.
     — Суох, сыыһа. Саҥа таһаар! — диэн Куонаан быһаарда.
Бааска, кыһыйбыт киһи быһыытынан, мичээрдии-мичээрдии,
төннөн кэлэн, эмиэ толкуйдуу олордо.
     — Мин таһаардым, — диэн баран, Бүөккэ туран, Куонаан
кулгааҕар аргыый эттэ.
     — Сөп. Маладьыас! — диэн Куонаан эмиэ хайҕаата.
     — Куонаан, этиэм дуо? Быһыыта, таһаардым, — диэтэ Ха-
быычча.
     — Дьэ-э, эрэ! Эт, эт!
     Хабыычча баран эттэ.
     — Сыыһа... Оччоҕо эн этиигинэн сүүс биэс хаас, хаас аҥаа-
ра буолар дии, доҕоор!
     — Хайдах хаас аҥаара баар буолуой! — дэһэ-дэһэ, оҕолор
күлүстүлэр. Дьэ, ити курдук, Бааска икки Хабыычча икки са-
дааччаларын таһаарбатылар. Онтон Куонаан эттэ:
     — Оҕолоор, Бааска, Хабыычча буолан садааччаларын кыа-
йан таһаарбатылар. Онон мин кинилэргэ «мөлтөх» сыананы
биэрэбин. Оттон үс урут таһаарбыт оҕолорго «үчүгэй» сыананы
биэрэбин. Билигин Биэрэ кэпсээн биэрдин, төһө хаас түөлбэҕэ
түһэн олорор эбитий? — диэтэ Куонаан.
     — Отут алта хаас түһэн олорор эбит. Ол аҥаара уон аҕыс
хаас, ол чиэппэрэ тоҕус хаас уонна үөһээҥҥи биир хаас.
Холобур маннык: 36 : 2 = 18; 18 : 2 = 9; 36 + 36 = 72; 72 + 1 = 73;
90+9 = 99; 99 + 1 = 100, — дии-дии, Биэрэ сиэбиттэн кумааҕы,
харандаас ылан, сыыппаранан суруйан көрдөрдө. Бааскалаах
Хабыычча, тарбахтарын саратан, ааҕан көрө-көрө:
     — Кырдьык даҕаны, отут алта хаас буоллаҕына, кырдьык.
сүүс хаас буолар эбит, — дэстилэр.

  74
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79