Page 73 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 73
Ааҕыы, сэһэргэһии
Оҕолор
Саас, күөх көҕөрбүтүн кэннэ. Сааскы хаар уута намыһах
кэдээни, аппаны килэччи сабан, күөх өҥүнэн долгуннаран
көстөрө. Кус-хаас кэлиитин саамай өрөгөйө этэ. Киһини-сүөһүнү
барытын кэрэхсэтэр кэрэ чуор саҥалаах кэҕэ кыылым барах-
сан кэрээбэккэ этэрэ. Күн киирэн, саһарҕа куула хайаҕа тык-
пыт, уу чуумпу, халлаан киэһэ этэ.
Майыана сайылык оҕолоро Куонаан, Бүөккэ, Биэрэ, Хабыыч-
ча, Кылааса уонна Бааска буолан бары мунньустан толооҥ-
ҥо дьаарбайа барбыттара. Кинилэр сайылыктарыттан биир
кыра тыаны быһа түстэххэ, Үөс Күрүө диэн ходуһа сирэ баа-
ра. Онно от күрүөтүн таһыгар сайын отчуттар отууланар улахан
хара үөттэрэ лөглөйөн турара. Оҕолор, ол үөт төрдүгэр тиийэн,
олорон баран, ону-маны кэпсэппиттэрэ.
Ол кэпсэтэ олордохторуна, халлаанынан көтөн иһэр элбэх
хаас саҥата аймана түспүтэ. Оҕолор ону истээт, үөһэ хантас
гына көрө түспүттэрэ, арай элбэх баҕайы үөрдээх хоҥор хаас-
тар, икки салаалаан, көтөн субуһан иһэллэр эбит. Онтон ол
хаастары көрөөт, Куонаан эппит:
— Оҕолоор, мин эһиэхэ хаастар тустарынан садааччата
биэриим эрэ, ону эһиги таһаарыҥ!
— Чэ, эрэ, таһаарыахпыт! — диэбиттэрэ оҕолор.
— Арай биир түөлбэҕэ хаастар түһэн олороллор үһү. Ол
олордохторуна, үөһэнэн биир хаас, кинилэри үрдүлэринэн кө-
төн кэлэн баран, эппит:
— Сүүс хаас, дорооболоруҥ! — диэбит. Онуоха алларааҥ-
ҥы хаастартан биир хаас эппиэттээбит:
— Биһиги сүүс хаас буолбатахпыт. Аны биир биһиги саҕа,
биһиги аҥаарбыт саҕа, биһиги чиэппэрбит саҕа уонна эн бэ-
йэҥ кэллэххинэ, сүүс хаас буолуохпут, — диэн. — Чэ, таайыҥ!
Хас хаас түөлбэҕэ түһэн олорор эбитий? Ким урут таһаарбыт
миэхэ, биирдии-биирдии кэлэн, кистээн кулгаахпар этиэ. Сөп
дуо? — диэтэ Куонаан. Онуоха бары:
— Сөп-сөп, — дэстилэр уонна сорохторо төбөлөрүн тарба-
73