Page 75 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 75
— Аны биир садааччаны биэрэбин, ону таһаарыҥ! — диэтэ
Куонаан. Оҕолор бары эмиэ сэргии түстүлэр.
— Биир эһэ оҕото, биир тыһаҕас уонна биир түүтэх күөх от
баар эбит. Ону биир үрэх биэрэгин үрдүгэр ыал буолан олорор
киһиэхэ, үрэх уҥуор бэрэбиэстээ диэн, биэрбиттэр. Киһилэрэ
улахан оҥочото суох, арай кыра баҕайы оҥочолоох эбит. Кини
барытын биирдэ хаалаан баран таһаарыаҕын оҥочото уйбат,
онон биирдии-биирдии уган туоратыахтаах.
Дьэ, ол да буоллар, улахан моһуога киниэхэ баар эбит ман-
нык: эһэтэ тыһаҕаһын сиэри, тыһаҕаһа отун сиэри гыналлар эбит.
Ону кини хайатын да тыыттарыа суохтаах. Холобур, отун бастаан
таһаардаҕына, эһэтэ тыһаҕаһын сиэн, эһэтин бастаан таһаар-
даҕына, тыһаҕаһа отун сиэн кэбиһииһи. Оттон эһэлээх тыһаҕаһы
тус-туспа баайталаан кэбиһиэн сатаммат. Дьэ, ити курдук. Үчү-
гэйдик толкуйдаан баран, таһаарыҥ эрэ! — диэтэ Куонаан.
Тус-туспа толкуй бөҕө түстэ. Мин урут таһаардарбын диир
санаа элбээтэ.
— Мин этиим эрэ, — диэтэ мичээрдээбитинэн Биэрэ.
— Чэ, эт эрэ! — диэтэ Куонаан. Биэрэ, ойон туран, Куо-
наан кулгааҕар сибигинэйдэ.
— Саамай сөп. Дьэ, Биэрэ түргэнник да таһаарда, арааһа-
та, «туйгун» сыананы биэрсибин, — диэтэ Куонаан.
— Оттон кини билэр буоллаҕа, ол иһин түргэнник таһаар-
даҕа дии, — диэн, Бааска хап-сабар саҥарда.
— Суох-суох, мин урут билбэт садааччам, билигин саҥа
таһаардым, — диэн, Биэрэ, балыттараары гыммыт киһи быһыы-
тынан, түргэнник быһаарда.
— Куонаан, быһыыта, мин эмиэ таһаардым, — диэтэ,
мичээрдии-мичээрдии, Бүөккэ уонна эмиэ, баран, сибигинэйдэ.
— Маладьыас! Сөрү-сөп, — диэт, Куонаан ойон турда.
— Ээ, мин эмиэ таһаардым. Пахай, чэпчэки да эбит! — диэ-
тэ Бааска уонна, Куонааҥҥа баран, ботур-ботур сибигинэйдэ.
— О-о, халлаан киһитэ! Оччоҕо хайдах сатаныай?! Син
биир тыһаҕаһа отун сиир буоллаҕа дии, — диэтэ, күлэ-күлэ,
Куонаан. Бааска, ханнык эмэ буола түһэн баран, төбөтүн тар-
банна.
— Сатанар дуу, сатаммат дуу, мин этиим эрэ, — диэн ба-
ран, илиитин Кылааса өрө уунна.
75