Page 82 - Литература 7 кылаас 2 чааhа
P. 82

— Оттон билигин көстөллөр дуу?
     — Суох, булан биэрбитиҥ кэннэ, тоҕо мээнэ көстө сыл-
дьыахтарай?
     «Туй-сиэ, бу өйдөрүн!» — диэн саахардартан салла санаата
Болот уонна, эмиэ тугу эрэ толкуйдаан баран, ийэтигэр хат
эргилиннэ:
     — Ийээ, оччоҕо Дьэкиим кинээс обото эмиэ хараҕар көс-
төрө буолуо дуу?
     — Көстүмүнэ, хайыа этэй?
     — Оо! — диэн унаарытан кэбистэ Болот уонна, тугу да
саҥарбакка, ийэтин кытта сэргэстэһэ хаамсан истэ. «Дьэкиим
кинээс хараҕар төһөлөөх эрэ элбэх оботтоох соллоҥ бииһин
ууһа: ынах буута, таба тыла, сылгы тараһата, эһэ тыҥыраҕа
уонна бөрө тииһэ элэҥнээн ааһан иһэллэрэ буолла?» — дии
санаата Болот.

          Тылбытын байытабыт

         «Дьиэс-куос буолбахтаата, биир-биэс диэмэ, бөтө бэрдэ-
    рэн» тыллар суолталарын бэйэҕит өйдөөбүккүтүнэн быһаарыҥ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Болот ийэтэ Арапыана туох кыбыстыыга түбэстэ? Тоҕо?
    2. Болот «...хайа эмэ дьэҥкир таас иһит курдук, көҥдөйдүү

         көстөн хааллахтара!..» диэн санааһынын эһиги туох дии-
         гит?
    3. Болот саахардарыттан тоҕо салынна уонна бэйэтигэр туох
         түмүгү оҥоһунна?
    4. Ийэтэ Болоту үөрэтэр тылларын булан сурунуҥ, санааҕы-
         тын үллэстиҥ.
    5. «Киһи хараҕа – дууһа сиэркилэтэ» өс хоһоонун кэпсээҥҥэ
         сыһыаран ырытыҥ.
    6. «Дьэкиим кинээс хараҕар төһөлөөх эрэ элбэх оботтоох сол-
         лоҥ бииһин ууһа: ынах буута, таба тыла, сылгы тараһа-
         та, эһэ тыҥыраҕа уонна бөрө тииһэ элэҥнээн ааһан иһэл-
         лэрэ буолла?» диэн Болот санаатын уруһуйдаан көрдөрүҥ.

  82
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87