Page 15 - Саха тыла 9 кылаас
P. 15
үрдүк үөрүүнү сомсор», — диэн Николай Егорович мэлдьи хос-хос са-
натааччы.
(Мэхээлэ Чооруоһап)
II. 1. Тэлэбиисэрим бирээмэ түөрт буут кэриҥэ ыйааһыннаах, дьэр-
гэтэн сэп да сэп, бу көрдөрөрө үчүгэйин. Оҕолор үөрүү бөҕө, биллэн
турар, сыана мургун. 2. Оччоҕо алта уонуттан тахсыбыт Лэгэнтэй Уй-
баанабыс, үөрэҕэ суох сэрии бэтэрээнэ, туохтан да иҥнибэт. Оҕон-
ньотторун таксыыга олордор уонна: «Көстүнүүссэ туруус пээт солкуо-
бай», — диир да, элэс гынан хаалар. «Лэгэнтэй Уйбаанабыс, хайдах
маннык сылдьаҕын?» — диэтэххэ: «Чэ, бэйи, оннооҕор буолуох омук-
тар ысталыыссаларын сэриилээн ылбыт киһи буоллаҕым, Москубалара
диэн бэйэм өтөҕүм буоллаҕа!» — диэн кэбиһэр.
(Дмитрий Наумов)
27. Болҕойуҥ: баһылатыылаах ситимнэр: сыстыы, салайыы, сөпсөһүү,
тардыы; сыһыарыы уонна аттарыы (түһүк + дьөһүөл). Тэҥҥэ хол-
буур ситимнэр: интэнээссийэ, аттарыы (ситим тыл). Үөһээҥҥи эр-
чиллииттэн ситим арааһыгар үстүү холобурда устуҥ. Ханнык ньы-
манан бэриллибитин тылгынан быһаарыҥ.
Толоруу холобура: Дойдутун олус ахтан кэлбитин туһунан аҕатыгар
кэпсээбитэ. Салайыы ситимэ: дойдутун ахтан (туохтуу түһүк), кэлбитин
туһунан кэпсээбитэ (түһүк + дьөһүөл), аҕатыгар кэпсээбитэ (сыһыарыы
түһүк).
28. Сорудаҕы толоруҥ:
а) Этии арааһа туох бэлиэлээҕин хатылааҥ. Тугу умнубукку-
тун кинигэттэн көрүҥ.
б) Этиилэри устуҥ. Тутаах чилиэни аннынан тардыҥ, хан-
нык этии буоларын нүөмэринэн бэлиэтээҥ (тургутук).
1. Биһиги ийэлээх аҕабыт дьоллоох олоҕу олорбуттар.
2. Дьоллоох олох!
3. Дьоллоох олох диэн баар буолуо дуо?
4. Дьоллоохтук олоруҥ.
5. Олоҕу дьоллоохтук олоруу — хас биирдии киһи сырдык ырата.
6. Дьоллоох олох диэн былыр-былыргыттан киһи баҕарар баҕата
буолар.
7. Оҕолоор, дьоллоох буолуҥ.
8. Кырдьык, сорох киһи дьоллоохтук олорор.
15