Page 30 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 30
Немец пулемётун былдьаан,
Эдэр буойун ытар.
Днепр арҕаа эҥээригэр
Саха сирин булан,
Илбистээхтик сэриилэһэр
Саха туйгун уола.
Советскай Союз Геройа Фёдор Попов туһунан маты-
рыйаалы «Энциклопедия Якутии» кинигэттэн ааҕыҥ.
Кэрэхсээбиккитин кылааска кэпсээҥ.
Бу ырыа буолбут хоһоон. Музыка уруогар хоһоон ма-
тыыбын үөрэтэн ыллааҥ.
Уйбаан Бахсылыырап
УМНАР БЫ РААППЫ Т СУОХ
(Сэһэнтэн быһа тардыы)
1. Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан билэргин кэпсээ.
2. Аҕата сэриигэ барарыгар уолугар Түмэппийгэ туох
диэбитий?
3. Дьон ханна барар буоллулар? Хоту хайдах айаннаан
тиийдилэр?
4. Кэпсээн сүрүн санаата тугуй?
Аҕа
Аҕалара бастакы хомуурга бэс ыйыгар аармыйаҕа
барбыта. Түмэппий, эбэтигэр уонна үстээх балтытыгар
Өкүүчэҕэ доҕор буолаары, быйыл үөрэнэ барбатаҕа. Аҕы-