Page 34 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 34
нээтэ. Байыаннай таҥастаах киһи хаста даҕаны күүскэ көх-
сүн этиттэ, өттүгэр баар бэстилиэтин көннөрүммэхтээтэ.
Ити кэнниттэн атын ыйытыы, кэпсэтии суох буолла.
— Икки хонугунан хомунан Бэстээх биэрэгэр киирэҕит,
онно борохуот күүтэн турар. Ким киирбэтэх уонна хойутаа-
быт байыаннай кэминэн сабатаастааһыҥҥа буруйданан
сууттаныа! — дэстилэр.
Дьон ботур-итир кэпсэтэн тарҕаһан бардылар. Эмээх-
ситтэр, дьахталлар кистии-саба былааттарын уһугунан ха-
рахтарын сотуннулар. Аймалҕан... Төрөөбүт төрүт буортан
арахсыы аймалҕана, үгүстэр дьиэлэригэр-уоттарыгар эр-
гиллэн кэлбэттэрин сүрэхтэринэн сэрэйэн эрдэхтэрэ...
Айан
Түмэппий, Бэстээххэ киирэн, Өлүөнэ өрүһү олус сөҕө
көрдө. Буолумуна даҕаны, кини төрөөбүт-үөскээбит, быс-
та-быста салҕанар Туйма үрэҕэр холоотоххо, бу Эбэ муо-
ра буоллаҕа эбээт.
Улахан дүлүҥтэн эрбэнэн оҥоһуллубут чуурка көлөһө-
лөөх тэлиэгэҕэ утуйар таҥастарын сыыһын, аһыыр иһит-
тэрин тиэммиттэрэ. Онно оронтон төрүт турбат буолбут
эбэлэрин сытыаран, кини төбөтүгэр Өкүүчэни олордубут-
тара. Манна үс хонон айаннаан кэлбиттэрэ. Түмэппий
быйыл сайын от үлэтигэр сөбүлээн илдьэ сылдьыбыт Ула-
хан Саадьаҕайын мииммитэ, эмиэ да сатыылаабыта. Икки
холкуос дьоно бары көһөн иһэллэрэ, киэҥ алааска киир-
дэхтэринэ, ыраахха диэри субуһан көстөллөрө. Саҥа-иҥэ
суоҕа. Арай ыксалынан оҥоһуллубут чуурка көлөһөлөөх
тэлиэгэлэр лүһүгүрүүллэрэ, силис сыарҕалар ылахтара
кыычыгыраһаллара.