Page 37 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 37

К. Добычин

                          ЭДЭР СИРДЬИТ

         1. Кэпсээҥҥэ ахтыллар сир туһунан билэргин кэпсээ.
         2. Ааптар Коляҕа сыһыана хайдаҕый? Ону көрдөрөр

             тыллары булан аах.
         3. Бартыһааннар Коляны бастаан хайдах ылыннылар?
         4. Эн Коляны холобур оҥостуоҥ этэ дуо?
         5. Айымньы сүрүн санаатын быһаар.

                                           I

     Бу 1942 сыл саҥатыгар Смоленщинаҕа буолбута.
     Икки күннээх хаан тохтуулаах кыргыһыы түмүгэр ба-
йыастар уонна хамандыырдар бөлөхтөрө, ол иһигэр мин
эмиэ, бэйэбит чааспытыттан быһа анньыллан, өстөөх тыы-
лыгар хаалан хаалбыппыт. Фронт линиятын хайаан да
итиэннэ төһө кыалларынан түргэнник туораан, бэйэбит
сэриилэһэ сылдьар аармыйабытыгар холбоһуохпутун наа-
да этэ. Ол гынан баран ол хайдах кыаллыай? Маннааҕы
сири-уоту билбэппит, гранатабыт уонна ботуруоммут бү-
тэн эрэр, оттон тулабытыгар — тиистэригэр диэри сэ-
билэммит немец талыы дивизиялара. Биһиэхэ олохтоох
бартыһааннар эрэ көмөлөһөр кыахтаахтара. Биһиги кини-
лэри, бэрт эрэйинэн да буоллар, көрдөөн булбуппут.
     Штаб землянкатыгар биһигини «Фашизм суох буол-
лун!» диэн бартыһааннар этэрээттэрин хамандыыра та-
баарыс Серебрянников көрсүбүтэ. Балай да имиллибит,
биэс биэрэстэ масштабтаах хаартаны тэнитэн баран, ки-
ни биһиэхэ наада буолар сибидиэнньэлэри биэрбитэ.
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42