Page 35 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 35
Бэстээххэ киирбиттэрэ хаһыс да күнүгэр, баарса со-
һуулаах борохуот дьэ кэллэ. Илдьэ баран иһэр сүөһүлэрин
түрүүмҥэ киллэрэн, баарса кутуругар баар ыпсалҕа иһи-
гэр хаайдылар. Кыра оттоохторун симнилэр. Ол кэннэ
дьон киирэн ким ханна сатанарынан олохторун булунну-
лар. Түмэппий эбэтэ Ньөөнньө эмээхсин, өссө дойдула-
рыгар эрдэхтэринэ, айаҥҥа хоҥноору туран: «Эрдэ өл-
бөккө эрэйдэнэн, эрэйдээн эрдэҕим... Оо, айыы таҥарам,
уҥуоҕум хайа сир кырдалыгар хаалаахтыыр», — диэх-
тээбит бэйэтэ, баарсаҕа өйө-төйө суох киирээхтээбитэ.
Буолумуна даҕаны, борохуот кэлэн биэрбэккэ, бараач-
чылар Бэстээх кумах биэрэгэр, аһаҕас халлаан анныгар,
талах төрдүгэр ый аҥаарын кэриҥэ буоллулар. Күһүҥҥү
силбиккэ, өксүөҥҥэ чиргэл даҕаны киһи ыалдьыах айы-