Page 25 - Саха тыла 8 кылаас
P. 25

31. Балартан ханнык салайыы ситимэ сыыһаный эбэтэр литэрэ-
                    тиирэлии нуормаҕа соччо эппиэттээбэтий? Тоҕо?

     Бэрэбинэттэн тутар — бэрэбинэнэн тутар, аҕатыгар маарынныыр —
аҕатын маарынныыр, өйүн сөхпүтэ — өйүттэн сөхпүтэ, саҥа хаһыат
ааҕабын — саҥа хаһыаты ааҕабын — саҥа хаһыаттан ааҕабын, саанан
ытар — сааттан ытар, чэй истэ — чэйтэн истэ, убаһа этинэ ыытаар —
убаһа этин ыытаар — убаһа этэ ыытаар.

           32. Бу ситимнэр синиэньим буолан, хардарыта солбуйсуохтарын
                    сөп дуо? Суолталара уратылаах дуо?

     Эт сиэ, эти сиэ, эттэ сиэ, эттэн сиэ; уолунан сиэттэрэн, уолугар
сиэттэрэн, уолун сиэттэрэн; эйигин итэҕэйэбин, эйиэхэ итэҕэйэбин;
сыарҕаҕа тиэйэн, сыарҕанан тиэйэн; табатааҕар түргэн, табаттан түр-
гэн; чааскыга иһэр, чааскынан иһэр, чааскыттан иһэр; сабынан баайар,
сабы баайар, сапка баайар, саптан баайар.

           33. Ис хоһоонунан эбэтэр тутулунан табыгаһа суох ситимнэспит
                     тыллары булан быһаарыҥ. Ити истиил, үгэс (узус) өттүнэн
                     хайдаҕый?

     1. Ыам ыйын 19 күнүттэн 22 күнүгэр диэри күннэр итинник үөрүү-
лээх көрсүһүүлэр сугулааныгар ааһаллар. (ХС) 2. Дьаҕыллаах бэйэтигэр
анаан оҥорбут сүүнэ улахан силис сыарҕатыгар таһаҕас бөҕөнү тар-
дан истэҕинэ, хайа эмит сылгы алдьаннаҕына, эчэйдэҕинэ ол таһаҕаһы
эбии ууран биэрэллэр үһү. (НЛ) 3. Баламаатап тарбаҕын төбөтүнэн
остуол ньуурун тоҥсуйан лабыгыратар. (НЯ) 4. Домна уонна Фёкла
муҥха таҥааччыларга тиийэн кэлбиттэрэ, бары күлэн быардарын хас-
тыы сыталлар. (ИН) 5. Ол иһигэр сарбынньахтаах кырыылардаах хоруо-
буйалаах, киэҥ түннүктэрдээх килэҥнэспит үс сүүнэ улахан дьиэлэр
дьэндэһэн тураллар. (АА) 6. Ити барыта: ол кылбачыйар күөл урсуна,
ити кийиит кыыс курдук киэргэммит хонуу, бу дьиэрэҥкэйдиир сэ-
бирдэхтэр — Василийы эҕэрдэлиир-уруйдуур курдуктар. (СД) 7. Иван
Иванович кэнсиэргэ бары бэлэм буолбуттарын көрдөҕүнэ эрэ санаата
ситэр. (А.Сыр) 8. Элбэх киһи үлэлии олорор киэҥ хоско тахсан, суру-
гун киһи аайы үҥүөлэттэ да, барылара атын буолан истилэр. (А.Сыр)
9. Тоҕо муннугун ыйаатыҥ? (НЯ)

    · Салайыы ситимин айаннаата кэпсиирэҕэ олоҕуран оҥкуллаа: Кини тө-
       рөөбүт алааһыттан оҥоһуллубут айан суолунан улуус киинигэр ал-
       лаах атынан айаннаата.

                                                                                                                         25
   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29   30