Page 101 - Саха тыла 9 кылаас
P. 101
7 сорудах. Ааспыт үөрэх дьылыгар эһиги судургу этиини үөрэппиккит.
Бэриллибит ыйынньыкка олоҕуран урут ылбыт билиигитин
сөргүтүҥ.
Этии тиибинэн арааһа: сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү уонна соруйар;
Састаабынан арааһа: биир уонна икки састааптаах;
Икки састааптаах: толору, толорута суох;
Биир састааптаах: ааттыыр, быһаарыылаах сирэйдэммит, сирэй-
дэммэтэх, быһаарыыта суох сирэйдэммит;
Тыл уонна этии ситимэ: тэҥҥэ холбуур (интэнээссийэ, ситим
тыл), баһылатыылаах (сөпсөһүү, салайыы, сыстыы, тардыы);
Этии чилиэннэрэ: туһаан, кэпсиирэ, быһаарыы, сиһилии, толоруу;
Тэнийии: этии ойоҕос чилиэннэрэ тэнийэллэр; туһаан, кэпсиирэ
холбуу буолаллар;
Араарыллыбыт чилиэннэр: сиһилии, даҕаамыр араарыллаллар;
кыбытык тыл, этии, туһулуу, саҥа аллайыы эмиэ араарыллар;
Биир уустаах чилиэннэр: этии бары чилиэннэрэ биир уустаах буо-
лаллар.
10 эрчиллии. Биир састааптаах этиилэр араастарын быһаарыҥ.
1. Туох үлэһит буолар санаалааххыный? 2 Кырдьык, туох үлэһит буо-
лабыный? 3. Коля, тулуурдаах буолуохха наада. 4. Баҕарбатах да иһин,
наадалаах дии саныыры хайаан да толоруохха наада. 5. Манна сөтүө-
лэниллибэт. 6. Сайын от үлэтигэр киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр.
7. Эти-сиини чэбдигирдэ сылдьыахха. 8. Чэ, оҕолоор, хомунан көрүө-
ҕүҥ. 9. Омуһахтан, дурдаттан бултары барытын таһааран бииргэ чөмөх-
төөҥ. 10. Ыам ыйын тохсус күнэ.
11 эрчиллии. Этиилэри тиибинэн, састаабынан, чилиэннэринэн ыры-
тыҥ. Тыл ситимин көрдөрөр исхиэмэтэ оҥоруҥ.
Толоруу холобура. Оҕолорун -у.у-.г-а.-.с-а.-ҥ.-а.-р.д-ы.-ы.- киллэрбит улун кус
ү-.ө-с.-к.э- чалбааттыы сылдьар.
101