Page 102 - Саха тыла 9 кылаас
P. 102
сөпсөһүү
кус 3 сир. 1 ахс чалбааттыы сылдьар
сыстыы сыстыы салайыы сыһ.түһ.
улун киллэрбит үөскэ
сыстыы салайыы сыһ.түһ. салайыы туохтуу түһүк
саҥардыы ууга оҕолорун
Сэһэн этии, икки састааптаах, толору, тэнийбит: туһаана — улун кус,
тэнийбит быһаарыылаах — киллэрбит; быһаарыы көнө толоруулаах —
оҕолорун, буолуу сиһилиилээх — саҥардыы, сиһилии миэстэ сиһи-
лиилээх — ууга; кэпсиирэтэ холбуу — чалбааттыы сылдьар, кэпсиирэ
миэстэ сиһилиилээх — үөскэ.
1. Сибилигин этиэххэ айылааххын саамай наадалаах тылы, саас-үйэ
тухары сылайбыты эрчимирдэр, хомойбуту үөрдэр тылы. 2. Налбыгыр
кулгаахтаах эриэн тыл оҕото, суол устун утары нэктэрийэн иһэн, аҥар
атаҕын өрө көтөхпүтүнэн тохтуу түһэр. (АА) 3. Трофим Оҕотоойоп эр-
гэһиэр дэриэбинэ самнаспыт мас дьиэлэрдээх уулуссатыгар, куру-кул-
таҕар бартыбыалы ыадаппытынан, мунааран турда. (СД)
12 эрчиллии. Судургу этиигэ сурук бэлиэтин туруоруҥ, тоҕо туруорбук-
кутун быһаарыҥ.
Хомолтону баҕар эн сатаан соҕотоҕун сатаан хомсойуоҥ даҕаны…
Оттон үөрүүнү Суох үөрүүнү эн хайаан да кими эмэ кытта үөрүөҕүҥ
Соҕотоҕун үөрүллэр үтүө үөрүү диэн суох Бар дьонтон кистэнэн соҕо-
тоҕун үөрүллэр уоруйах сымыйаччы түөкүн быстах үөрүүтүн биһиги үтүө
үөрүүнэн аахпаппыт Үйэлээх сырдык үөрүү хайаан да доҕордоох ха-
ныылаах хайаан да бар дьон кыттыгастаах буолар
Баҕар ол буолуо ээ бу аан дойдуга хайаан даҕаны сырдык хараҥаны
кырдьык сымыйаны дьол муҥу хоторун сүрүн билгэтэ Ол иһин тус бэйэ
дьолун үөрүүтүн бар дьон норуот дьолун үөрүүтүн кытта сэргэстэһин-
нэрэргэ уруурҕаһыннарарга биһигини иитэллээр үөрэтэллэр эбээт.
(Амма Аччыгыйыттан)
102