Page 42 - Саха тыла 9 кылаас
P. 42

киһиттэн эрэ кини хоһуун, киһиттэн эрэ кини өйдөөх үһү! (СД) 5. Мин
даҕаны эн аһыыргын аһаабатах, эн сылдьаргын сылдьыбатах үһүбүн
дуо, мин даҕаны эн саҕа эрэйи билбэтэх киһибин дуо?

              Билим (наука) истиилэ уратылаах. Дьиҥнээх чинчийэр үлэҕэ
         (билим, үөрэх кинигэтигэр) барыта чуолкай, санааны сайыннаран
         иһэр кытаанах луогукалаах. Ол иһин манна истиил ыйыллыбыт
         ньымата туттуллубат.

              Итини сэргэ тэҥҥэ холбуу этии чинчийиигэ кэмчитик туттул-
         лар. Онуоха үксүн онон диэн ситим тыллаах буолар. Ону бигэр-
         гэтэн, акадьыамык П. А. Слепцов «Саха тылын устуоруйата» диэн
         элбэх интэриэһинэй билиини биэрэр, киэҥ ис хоһоонноох кини-
         гэтиттэн холобурдуохха:

              1. Оттон тыа диэн былыргы таҕ (тах) олохтон үөскээбитэ бил-
         лэр, онон саха тылыгар дьуптуон үөскүөн иннинээҕи былыргы
         пуорма өлүктүйэн баран, олоҥхо тылыгар хаалбыт эбит. 2 …Тыл
         устуоруйа тыыннаах кэрэһитэ буолар, онон тыл устуоруйатын би-
         лии норуот устуоруйатын билиигэ улахан төһүү буолар.

  85. Өс хоһоонун ситэрэн, тэҥ оруоллаах холбуу этиини оҥоруҥ. Өбүгэ-
           бит тоҕо итинник этэрин интэриэһиргээҥ.

     1. Балык дириҥи былдьаһар … 2. Ойуурдаах куобах охтубат …
3. Эрэйдээх этигэс … 4. Ыалдьартан илии арахпат … 5. Айан киһитэ
аргыстаах … 6. Быа синньигэһинэн быстар … 7. Үүнэн баран охтубат
мас суох … 8. Үчүгэй быһыыны батыс … 9. Уулаах көрдүгэҥҥэ көтөр
түһэр …

     а) …суол киһитэ доҕордоох; б) …оттоох алааска ынах мэччийэр;
в) …күрүө намыһаҕынан көтүллэр; г) …киһи үтүөҕэ дьулуһар; д) …куһа-
ҕан быһыыны тумун; е) …төрөөн баран өлбөт киһи суох; ё) …дьонноох
киһи тутайбат; ж) …муҥнаах булугас; з) …таптыыртан харах арахпат.

              Итинник ханыылаан этии көннөрү тэҥҥэ холбуу этииттэн туох
         уратылааҕый?

              Сорох судургу тутуллаах өс хоһооно кэлин салҕанан уустугу-
         рар эбит. Холобур, тэҥнээҥ: Быһах угун кыстыммат  Быһах угун
         кыстыммат, суор хараҕын оҥсубат. Итинэн тугу ситиһэбитий?

42
   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46   47