Page 41 - Саха тыла 9 кылаас
P. 41
уотунааҕар сытыы, киһи күүһэ уу күүһүнээҕэр ордук. Баай оҕото
бардам, тот оҕото дохсун. (Өс хоһооно) Тылтан тыл тахсар, өйтөн
өй үөскүүр. Элбэх сырыылаах атаҕа кирдээх, элбэх тыллаах тыла
сыыстаах. (Өс хоһооно) Бу күнү ким төрүөн көрбөтөй, бу сиргэ ким
төрүөн өлбөтөй?!! (ПО)
82. Уус-уран айымньыга истилиистикэ ханнык-ханнык ньымата
туһаныллыбытын интэриэһиргээҥ. Итини ханна, тоҕо туттар
сөбүн болҕойуҥ.
I. 1. Хонуу ото хонон туран хоп-сип хобугунаста, сир симэҕэ ситэн
туран сип-сап сибигинэстэ. (К) 2. Хара тыата күндү түүлээҕинэн суһум-
нуур, кылыгырас ыраас уута көмүс хатырыктааҕынан дьиримниир. 3. Үлэ
аһатар — сүрэҕэ суох ытатар. 4. Аска аҕыйах үчүгэй, үлэҕэ үгүс үчүгэй.
5. Чап көмөлөспөт, киһиргэс эппэт. (Өс хоһоонноро) 6. Эдэр саас эрэ-
линэн кэрэ: эдэр сылдьан, ким сырдык ыра аргыстамматаҕай?! (ИГ)
II. Тогойкин эмискэ тохтуу түһэр: биир сиргэ иэдээннээх эккирэ-
тиһии буолбут эбит. Саһыл куобах иккитэ ойорун биирдэ ойор, обургу
тулутуо баара этэ дуо: саһыл саба харбыы сыһар, куобах туора буру-
йар, эндирдии сытар тиит анныгар дьылыс гынар, бөдөҥ маска сөрүү
көтүтэлиир, саһыл ааһа көтөр… Кини обургу итиччэ кыра мөлтөх эрэй-
дээҕи олус да өр сыралаһан сиппит ээ: ити аата сорохторо син куотар
эбит буоллаҕа, онтон атын куобах быстыбыта ырааппыт буолуо этэ. (АА)
Уус-уран олугунан этиллэр алгыс күннээҕи олоххо иһиллэр алгыс-
тааҕар туох эмэ уратылаах дуо?
Алаас сыһыы саҕа Атыыр оҕус тарпат
Айхал аргыстастын, Айхала буоллун!
Улуу толоон саҕа Соноҕос ат тарпат
Уруй батыстын, Соргута буоллун!
Тэллэх туос саҕа
Эҕэрдэ эҥээрдэстин… (Платон Ойуунускай)
84. Үөрэн, көтөҕүллэн, долгуйан, айманан туран этэри ханнык ньыма-
нан ситиһиэххэ сөбүй?
1. Мин санныбар тоҕус уон тоҕус кыһын хаара түһэн уулбута, мин
көхсүбүн тоҕус уон тоҕус сайын күнэ көрбүтэ. 2. Дьоллоох киһи буойун
аатын сүгэр, дьоллоох уол оҕо бар дьонугар, Ийэ дойдутугар дурда-
хахха буолар, үҥүү-батас тутар. (СО) 3. Эбэтэр сирбит суох үһү дуу,
эбэтэр дьоммут аҕыйах үһү дуу? 4. Киһиттэн эрэ кини кырасыабай,
41