Page 110 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 110

Аа±ыы, ырытыы

                                         Аҕа

                        («Сааскы кэм» романтан)

    Биирдэ Микиитэ эһэтэ дьиэ таһыттан сүүрэн киирдэ,
кулун бэргэһэтин, таба арбаҕаһын хастыы тардыталаан,
ороҥҥо элитэлээтэ уонна таһырдьа төттөрү ыстанан та-
ҕыста. Таһырдьаттан тоҥ эти кыбынан киирэн, дүлүҥ олох
маска ууран баран, сүгэнэн үлтү сабаабытынан барда.
Тоҥ эттэр бырдаҥалыыллар, остуол анныгар кыырайан
кэлбиттэрин Микиитэ, сулбу тардан ылан, ытыһыгар үр-
бэхтээн баран, айаҕар уган кэбиһэр.

    Кытыыта сиритэ барбыт алтан солуурга ыга симэн,
оҕонньор бэрт элбэх эти буһара туруорда, уотун тиги-
нэччи оттон кэбистэ уонна аргынньахтаан бүк түһэн олор-
до. Онтон Сөдүөччүйэ уу баһан хоочугураан киирдэ.

    Кини, ыаҕастаах ууларын сүөкэтэлээн баран, сиргэ
бырдаҥалаан сытар эт бытархайдарын эргиччи көрдө.

    — Хайа, бу аата туох буоллубут?
    — Санаам оонньоон… Биһиги киһибит сураҕа куһаҕан
үһү.
    — Тыый!.. — Сөдүөччүйэ олоро түстэ.
    Микиитэ, сиргэ бырдаҥалаабыт тоҥ эти ичигэстээн
сиэн, тотон баран, үөттүрэҕи миинэн, оһоҕу тула сүүрэ
сырытта.
    Сөдүөччүйэ сирэйэ бүтүннүү уу буолбут, олус кытар-
быт уонна Микиитэҕэ эргиллэн эттэ:
    — Нохоо, аҕаҥ өлбүт сураҕын истибиккэр бачча үөр-
дүҥ дуо?
    Уол оннук сураҕы истэ илик. Эт сиир дьоро киэһэҕэ
дьоно хайдах эрэ хомойбут курдуктарыттан дьиибэргии
санаан, ороҥҥо тахсан оргууй сукуллан олорон, уол аҕа-
тын өйдүү сатаата… Кырдьык, кини хаһан эрэ аҕалаах
этэ. Аҕата ханна эрэ барбыта…
    Кэнникинэн быһаардаҕына, кини Дьөгүөрдээн диэн
аҕалааҕа, Бэһиэлэйэптэр эргинэр таһаҕастарын тиэйсэн,
Охотскайга барбыт эбит. Таба сылгылыы сылдьан, кини

 110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115