Page 114 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 114

рыҥ уутунан дэбилийэ сытар үрэхтэри кэһэн туорууллар.
Хонук сирдэригэр тиийээт, табалары, аһылыктаах сир-
гэ илдьэн, чэҥкээйилээн ыыталыыллар. Хомурах хаары
күрдьэн, ураһа туруораннар, ортотугар түүнү быһа ума-
йар уоттарын оттоллор, ону тула мас лабаатын халыҥ-
нык тэлгэтэллэр.

    Сарсыарда боруҥуйга туран, табаларын хомуйа ба-
раллар. Табаларын, баҕар, түүн бөрө мөрөйдөөбүтэ буо-
луо, баҕар, табалар бэйэлэрэ, ырааҕынан тарҕанан, уч-
чуйбуттара буолуо… Ол сылдьан, ардыгар, дьон буурҕаҕа
түбэһэллэр, мунан хаалаллар, сыгынах хоонньугар тоҥон
өлөллөр…

    Ити курдук Микиитэлээх аҕалара баран хаалла, кы-
ракый балаҕан соҕотохто, кэҥии, кураанахсыйа түстэ.

    Ат көлө сылдьар сирэ бүтэн, таба көлө айана саҕа-
ланар сириттэн Сүөдэр Бэһиэлэйэп төнүннэҕинэ, Лэг-
лээрдэр аҕаларын туһунан биирдэ истиэхтэрэ. Онтон аны
саас этэҥҥэ эргилиннэҕинэ, биирдэ көрөн үөрүөхтэрэ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар:

   1. Кэпсээн саҕаланыытыгар Микиитэ эһэтэ туохтан айма-
       нан холуоннук туттубутуй-хаптыбытый, санаата оон-
       ньообутуй? Толкуйдаан көрүҥ: Микиитэлээх аҕалара
       суох буолбута буоллар, олохторо хайдах буолуо этэй?

   2. Сөдүөччүйэ: «Нохоо, аҕаҥ өлбүт сураҕын истибиккэр
       бачча үөрдүҥ дуо?» — диэн, тоҕо суоһурҕанарый?

   3. Дьөгүөрдээн дьүһүнэ-бодото, туттуута-хаптыыта кини
       хайдах киһи буоларын көрдөрөрүй?

   4. Хайдах ыалга кэһии килиэби Дьөгүөрдээннээх курдук
       түҥэтэллэрий?

   5. Лэглээр оҕонньор: «Аны көрүөм диэбэтэҕим…» — диэн,
       өлүү килиэбин эргим-ургум тутан көрдө, илиитэ салҕа-
       ластыы түстэ, килиэбин остуолга төттөрү уура оҕуста.
       Тоҕо?

   6. Оҕо уонна аҕа сыһыаннарыгар туох ис санааны сэрэ-
       йиэххэ сөбүн быһаарсыҥ.

 114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119