Page 112 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 112

баар эбит. Килиэп үрдүгэр түстүлэр: маска ууран, аҥаа-
рын сүгэнэн хайа охсон ылан, түҥэтиннилэр.

    Лэглээр оҕонньор өлүү килиэбин эргим-ургум тутан
көрдө, илиитэ салҕаластыы түстэ, килиэбин остуолга төт-
төрү уура оҕуста.

    — Аны көрүөм диэбэтэҕим…
    Оҕонньор ытаан барда, Микиитэ өлүү килиэбиттэн
ойо ытыран ылан, эһэтин иннигэр ууран кэбистэ: «килиэ-
бин мыыннаҕа» дии санаата.
    Хара киһи — Микиитэлээх Өлөксөй аҕалара — Лэглээр
уола — Дьөгүөрдээн эбит.
    Дьөгүөрдээн чугас эргин бардаҕына, Микиитэни сүгэ
сылдьар. Аҕа диэн эмиэ биир ийэ курдук тапталлаах
киһи баар буолар эбит.
    Салгыннаабыт хара сирэйдээх, дэхси бөдөҥ тиистээх,
мичээрдээбит киэҥ харахтаах, дадайбыт улахан киһи, —
ийэ эйэҕэстик: «Доҕоор, Дьөгүөрдээн!» — диэн ыҥырар
киһитэ, — олус да күндү киһи буолар эбит!..
    Ол киһи чугас тыалар араҕас өҥнөммүттэрин кэн-

 112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117