Page 48 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 48

Күн туллубатаҕа буолуо диэн,
                      Күһэҥэ быстыбатаҕа буолуо диэн,
                      Бүтэйдии күүтэ сатыыллар эбит…
                      Биирдэ,
                      Кэтэһэн кэтэһэннэр,
                      Кэлтэгэй буолбуттарын кэннэ,
                      Күүтэн күүтэннэр,
                      Күүстэрэ быстыбытын кэннэ,
                      Анысханнаах
                      Арҕаа халлаан
                      Алын кырыытын диэкиттэн
                      Ат туйаҕын тыаһа,
                      Хатарыылаах анньыы тыаһын курдук,
                      Хабырҕаччы сиэлэн кэлэн,
                      Тусаһаларын иннигэр
                      Тохтуу биэрбит.
                      Оҕонньордоох эмээхсин
                      Уолларын сураһаары
                      Ойон тахсыбыттар.
                      Ол тахсан көөртөрө:

48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53