Page 51 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 51
Өлбөт мэҥэ уутун курдук
Үллэ-сүүдүрүннүү турар
Үрүҥ сөлөгөйүттэн
Уймахтыы сылдьыбытым.
Ол сырыттахпына,
Үөһээ²ҥи,
Үс халлаан
Үрдүгэр олохтоох,
Үүс-аас бэйэлээх
Үрүҥ Аар тойон ыйааҕынан,
Күн-ый күлүүһүнньүгүнэн аатырбыт
Күкүрүүр Бөҕө бухатыыр кэлэн,
Ыҥыран илдьэн,
Күн таалалыыр
Көмүс хайатын үрдүгэр,
Дуодар хара уус кыһатыгар
Тоҕус түүннээх күн уһааран,
Өлбөт мэҥэ уутугар
Үс түүннээх күн сөтүөлэтэн,
Сылайбат сындааһыннаата,
Өһүллүбэт үүдэһиннээтэ,
Тохтубат хааннаата,
Тостубат уҥуохтаата…
Бухатыыр киһи
Таҥнар таҥаһын,
Буойун киһи
Туттар сэбин,
Айыы киһитэ
Тардыстар талаһатын —
Аналлаах атын
А±алан биэрдэ...
Ол курдук
Үс халлаан
Үрдүгэр олохтоох
Үрүҥ Аар тойон —
Икки күлүктээх
Эмньик кулун аттаах
Эрчимэн Бэргэн диэн
51