Page 69 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 69

Тус хоту диэки
                        Чураадыйан түһэ турда...
                        Ити кэнниттэн
                        Икки бухатыыр,
                        Тоҕуста дорооболоһон,
                        Уонна уураһан,
                        Алҕаһан-айхаллаһан,
                        Аҥыы-аҥыы
                        Арахсан бара турдулар…

                        Кыталык:

                        — Эрчимэн Бэргэн барахсан,
                        Иһээхтиигин буолан баран,
                        Иннигэр иэдээн тоһуйда,
                        Илэ бодоҕун тардынан ис эрэ.
                        Иэримэ дьиэҥ эстэрэ буолла.
                        Аал уотуҥ умуллара буолла.
                        Чыҥкыныыр чыҥыс халлаан уола
                        Чуҥкунуур Чуура бухатыыр кэлэн,
                        Күҥҥэ булбут
                        Көмүс чыычааххын —
                        Хаачылаан Куону уоран
                        Хара таас сымыыт гынан ылан,
                        Ыйыстан кэбистэ.

    Бу кэнниттэн Эрчимэн Бэргэҥҥэ Кыталык Үрүҥ Аар
тойон илдьитин салгыы кэпсиир, Чу²кунуур Чуура буха-
тыыр Орто дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаан эрэрин
тыллыыр, өлбөт мэҥэ уутун быраҕан биэрэр.

                                            I

                        Чуура бухатыыр:

                        — Ок-сиэ, нохойдоон,
                        Ойуттаҕыҥ тугуҥ омунай,
                        Хамсаннаҕы² тугун халыанай?!
                        Аргыый эрэ,
                        Алҕас туттаҥҥын,
                        Аламай күҥҥүттэн арахсаайыккыный!
                        Мин диэтэх киһи,

                                                                                                                     69
   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74