Page 72 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 72
Бэрт тиксиһэр
Билиидэ таас миэстэҕэ,
Сыыһа-халты харбатан,
Батыһыннаран таҕыста...
III
Биирдэрэ —
Икки салаалаах
Тимир үөрбэ тылынан,
Дэгиэ баҕыыр тыҥыраҕынан,
Дьэбиннээх ардай аһыытынан;
Биирдэрэ —
Өрө ууннахха
Үгүрэлии түһэр,
Таҥнары туттахха
Часкыйан ылар,
Сытыары астахха
Сыналыйан кээһэр,
Биитигэр мэнэгэйдээх,
Үөһүгэр өһөхтөөх,
Ончоҕор оһоллоох
Уһун субуйа батаһынан
Тэбис-тэҥҥэ охсуһан
Тэлэһэн киирэн бардылар…
Хол дойду
Холоонноохторо холбостулар,
Тэгил дойду
Тэҥнээхтэрэ тиксистилэр,
Бэскигэ бырахтахха —
Мэрэмээннэспэт дьон буоллулар.
Ыйааһыҥҥа уурдахха —
Аҥаардаспат дьон буоллулар.
Аан халарык
Аргыстаһан барда,
Добун халарык
Доҕордоһон барда,
Баараҕай тиит барчаланна,
72