Page 73 - Литература 6 кылаас 1 чааhа
P. 73
Уолах тиит урусхалланна,
Сыгынах сыылынна,
Дүлүҥ төкүнүйдэ,
Күөл көстө,
Кута тиэрилиннэ,
Куба көхсө дьөлөрүйдэ,
Кус баһа быһынна…
Ый
Орулуур отут хонугун мэлдьи,
Утуйбакка-олорбокко охсустулар да,
Хайа-хайалара
Халыҥ тириини хайытыспатылар,
Хатан уҥуоҕу тоһутуспатылар.
Онтон,
Уһуутаһа түһэн баран,
Куустуһан ылан кумаластылар,
Эпсэритэ ылсан эристилэр.
Биир нэдиэлэ
Сэттэ хонугун мэлдьи,
Өрүтэ көтөхсө-көтөхсө,
Хардары-таары,
Халбарыйсан бырахса сатаатылар…
Ол гына сылдьан,
Уһугар тиэрдэн,
Биһиги киһибит
Сэттэ уонна
Сири харбатар буолла,
Аҕыс уонна
Ат гыннарар буолла.
Онтон биирдэ түбэһиннэрэн,
Атахха тэбэн баран,
Өҥүс баска охсон кээспитигэр, —
Чуура бухатыыр,
Тоҕус күннүк сири
Туруйалаан барбытын,
Харсыылаах атыыр оҕус курдук,
Хап-сабар эккирэтэн тиийэн,
Кэнниттэн өрө көтөҕөн ылан,
73